Уопсастыбанньыктары "1 гектар" долгутар

Быйылгы сылы Уус Алдан улууһун уопсастыбанньыктара өрөспүүбүлүкэтээҕи Уопсастыбаннай Палатаны кытта биир сүбэнэн үлэлиир былааны торумнааһынтан саҕалаатылар.


«Уһук Илин уокурукка сири босхо түҥэтэр туһунан федеральнай сокуону уонна нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар анаммыт дьаһаллары дьүүллэһиигэ биһиэхэ семинар ыыталларыгар өрөспүүбүкэтээҕи Уопсастыбаннай Палатаҕа этии киллэрбитим. Онон бу күннэргэ тустаах хамыыһыйалар улуус уопсастыбаннаһын кытта көрсөн, олус көдьүүстээх үлэни ыыттыбыт», — диэн бэлиэтиир улуустааҕы уопсастыбаннай сэбиэт салайааччыта Любовь Сивцева.

Уопсастыбаннай Палата былаас уоганнарын уонна олохтоох салайыныы уопсастыбанньыктарын кытта бииргэ үлэлээһини тэрийэр хамыыһыйатын салайааччыта Мария Чемерзанская былаас уоргана уонна уопсастыбанньык бииргэ үлэлээһиннэригэр кэккэ сүбэни биэрдэ.

Бэлиэтээн этэр буоллахха, Уус Алдан улууһун 17 нэһилиэгэр уопсастыбаннай сэбиэттэр, 160 араас хайысхалаах түмсүү, 15 сокуонунан бигэргэммит уопсастыбаннай статустаах тэрилтэ үлэлиир.

This post was published on 12.02.2016 18:29 18:29