Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн политикатыгар министиэристибэ ыыппыт төгүрүк остуолугар экспертэр, уопсастыбанньыктар түмсэн бырабыыталыстыба арыгыны утары ыытар үлэтин уонна үүнэр көлүөнэ ортотугар арыгылааһыны сэрэтэр миэрэлэри ылыы туһунан кэпсэттилэр.
«Чөл олох» фонда дириэктэрэ Елена Шудря бэлиэтээбитинэн, хас биирдии киһи чөл туруктаах төрүүр. «Ол эрэн оҕо арыгыһыттар ортолоругар түбэстэҕинэ, бэйэтэ арыгыһыт буолуон сөп. Алкоголизм диэн бастакы үрүүмкэни иһииттэн буолбакка, бастакы үрүүмкэни көрүүттэн саҕаланар. 5-7 саастаах оҕоҕо бырааһынньык остуолун уруһуйдаа диэн көрдөстөххө, хайаан да арыгылаах остуолу оҥорон таһаарара чуолкай. Оҕону кыра сааһыттан итирдэр утахтан харыстыахха наада. Бу иһэр утах буолбакка, куһаҕан дьайыылаах убаҕас буоларын оҕо билэ улаатыахтаах«, — диэтэ кини.
Саха сирин арыгыны хонтуруоллааһыҥҥа тэрилтэ салайааччыта Матвей Лыткин арыгы буортутун туһунан кэпсээбитэ, эппитэ-тыыммыта ыраатта. «Культурнайдык эбэтэр культурнайа суохтук дьон син биир арыгыны иһэр. Статистика көрдөрөрүнэн, сылга биир киһи 14-17 литр итирдэр утаҕы иһэр, ити нуорманы икки төгүл куоһарар. Мантан сылтаан омук эстиитэ саҕаланар. Алкоголь — наркотик. Бу туһунан Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ этэр«, — диэн кини бу сырыыга бэлиэтээн эттэ.
«Спордунан дьарыктаныы куһаҕан дьаллыктан аккаастанарга төһүү күүс буолар. Ол иһин бары профессиональнай спордунан дьарыктаныахтаахпыт диэбэппин эрээри, спортзаллар бааллар, онно дьарыктанар дьон элбэх, ити доруобай олохтоох дьон«, — диэн биллэр бодибилдер Александр Гренадеров бэйэтин санаатын эттэ.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара Саха сирин айылҕатын уратытынан уулуссаҕа сылы эргиччи дьарыктанар кыаллыбатынан, ыччакка аналлаах туспа биир кэлим киин баара буоллар диэн санааҕа кэллилэр. «Оччотугар ыччат сылы эргиччи дьарыктаныан сөп этэ«, — диэтилэр.
This post was published on 01.06.2016 09:48 09:48