Уопсастыбанньыктар 60-тан үөһэ саастаахтарга көмөлөһөр быһа ситими тэрийдилэр

Бүтүн Россиятааҕы норуот фрона партнердарын кытта сүбэлэһэн баран, быһа ситими тэрийдилэр. Коронавирус тарҕаммытынан 60-тан үөһэ саастаах дьону өйүүр уонна сүрүннүүр соруктаахтар. Бу туһунан ОНФ пресс-сулууспата СИА-ҕа биллэрдэ. 


Биир кэлим колл-киин ОНФ-н тэриллэр. «Росконгресс» фонданан, волонтердар кииннэрин Ассоциацияларынан, «Волонтеры-медики» доруобуйа харыстабылыгар бүтүн Россиятааҕы доброволецтар уопсастыбаннай хамсааһыннарынан, «Конституция волонтердарынан», «Ростелеком» ПАО өйөбүллэринэн ыытыллар.

Быһа сибээһинэн саастаах дьон волонтердарга эрийэн сайаапка хаалларыахтарын сөп. Бородуукта ылыытыгар, эмп-томп атыылаһыытыгар, суолталаах табаары ылан аҕалтарыыга.

Дойду 28 регионугар үлэ саҕаланна. Атыттарга бу күннэргэ тэриллиэхтээх. Суукканы эргитэн үлэлииллэр.

Быһа сибээс нүөмэрэ: 8 (800) 200-34-11.

This post was published on 19.03.2020 15:49 15:49