Ньурба к. «Кыталык» КД дьиэтигэр «Ньурба улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар коммерческайа суох тэрилтэлэр (НКО-лар) оруоллара» тиэмэҕэ улуустааҕы сэминээр-сүбэ мунньах буолан ааста. Олохтоох салайыныы уорганнарын, улуустааҕы уопсастыбаннай тэрилтэлэр, сэбиэттэр бэрэстэбиитэллэрэ, гражданскай актыбыыстар уо.д.а. кытыннылар.
Улуус баһылыга А.М. Иннокентьев киирии тылыгар улуус иннигэр турар соруктарга тохтоото, улуус сайдарын туһугар бары бииргэ түмсэн үлэлииргэ ыҥырда. СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын ис бэлиитикэҕэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Н.Д. Бугаев РФ Бэрэсидьиэнин Граннарын туһунан иһитиннэрии оҥордо, элбэх сүбэ-ама биэрдэ. Саха сириттэн кыттыбыт сайаапка 20%-на кыайарын, 56 мөл. солк. кэриҥэ үп көрүллүбүтүн эттэ. Ирээттэһэн үбүлээһинин кытта аахтахха, 100 мөл. солк. кэриҥэ суумалаах үлэ барар.
2018 с. РФ Бэрэсидьиэнин Граннарыгар дойду үрдүнэн 4 млрд. солк. көрүллүөхтээх. 500 тыһ. солк. диэри суумалаах бырайыак оҥорон куонкуруска кыттар буоллахха, ааһар кэрчигэ кыччаан биэрэр, ол аата судургутуйар. Социальнай хааччыйыыга, дьону социальнай өттүнэн өйөөһүҥҥэ уонна көмүскээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ уо.д.а. бырайыактар кыайар кыахтара үрдүк. Быйыл 2-с куонкуруска дойду бары регионуттан 2243 НКО бырайыактара кыайыылаах тахсыбыт, ол иһигэр Саха сириттэн 99 кыттыбытыттан, 26-та бастыҥнар истэригэр киирбит. 2-с куонкурус түмүгүнэн Граннар уопсай суумалара 4 млрд. 404 мөл. солк. тэҥнэспит. Саха сирэ РФ Бэрэсидьиэнин Граннарыгар тиксэринэн Уһук Илиҥҥэ Хабаровскай уонна Приморье кэнниттэн 3-с миэстэҕэ сылдьар. Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, Атамай нэһилиэгин «Ситим» уопсастыбаннай тэрилтэтэ нэһилиэгэр тимир уустарын дьыалатын сөргүтүү бырайыага (435 тыһ. солк.), Нам улууһун көҥүл тустууга Федерацията Нам сэлиэнньэтигэр спорт былаһааккатын тэрийии бырайыага (623 тыһ. солк.) уо.д.а. бааллар.
Аныгыскы РФ Бэрэсидьиэнин Грантовай куонкуруһа 2018 сылга олунньу 15 күнүттэн муус устар 31 күнүгэр диэри ыытыллар диэн туран, Николай Дмитриевич НКО-лар көхтөөхтүк манна кыттан иһэллэригэр ыҥырда, элбэх практическай туһалаах сүбэлэри биэрдэ.
СӨ гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга миниистирин солбуйааччыта А.П.Матвеев министиэристибтэ ыытар үлэтиттэн-хамнаһыттан иһитиннэрии оҥордо. А.Д.Бравин салайааччылаах министиэристибэҕэ 40 киһи үлэлиир. Ыытыллар үлэ хайысхаларынан гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы, өрөспүүбүлүкэҕэ олохсуйан олорор араас омуктар икки ардыларынааҕы бэлиитикэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэрдиин үлэ буолар. НКО-ларга үбүнэн уонна методическай өттүнэн көмө оҥоһуллар. Быйыл 34 НКО 44 мөл. солк. суумалаах Грант ылбыт. Саха сирин үрдүнэн 445 нэһилиэккэ барытыгар баар түөлбэлэр (ТОС — территориальнай уопсастыбаннай олохтоох салайыныы) юридическайдык регистрацияланыахтаахтар. Билигин 14 түөлбэ эрэ регистрациялаах, онтон 8-һа быйыл куонкурустарга кыттыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ түөлбэлэргэ быйыл 1 мөл. солк, эһиил 6 мөл. солк. Грант оонньонор.
Афанасий Павлович НКО-лар федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ Граннарыгар көхтөөхтүк кыттан иһэллэригэр ыҥырда, Грантовай бырайыактары хайдах толорорго, олоххо киллэрэргэ көмөлөһөргө бэлэмнэрин эттэ.
Мантан салгыы РФ Юстицияҕа министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын НКО-лар дьыалаларыгар отделын сүрүн эксперэ В.Ю.Пахомова, СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ, «Чусовской Л.А.» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Л.А.Чусовской, нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун управлениетын салайааччыта И.А.Находкина, федеральнай нолуок сулууспатын управлениетын бэрэстэбиитэлэ А.Н.Иванова информациялара истилиннэ. Сэминээр-сүбэ мунньах кыттыылаахтара элбэх ыйытыыларыгар толору хоруйдары ыллылар.
Күн иккис аҥарыгар «көҥүл микрофоҥҥа» улуус уопсастыбаннай тэрилтэлэрин Сүрүннүүр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, биисинэс-инкубатор генеральнай дириэктэрэ Н.М.Михайлова, Түмүк нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта М.В.Никифорова, Чаппанда нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта А.А.Иудинова уонна «Ньурба улууһун ыччатын өйүүр Сойуус» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта А.М.Таюрская уопсастыбаннай тэрилтэлэрин үлэлэрин-хамнастарын, инники былааннарын туһунан иһитиннэрии оҥордулар. Хаҥалас, Акана, Күндээдэ, Бордоҥ нэһилиэктэрин уопсастыбаннай түмсүүлэрин, Ньурба к. «Сардаҥа» эбэлэр түмсүүлэрин уонна Ньурба к. дьахталларын Сэбиэтин бэрэстэбиитэллэрэ оҥорбут уонна үлэлии сылдьар социальнай бырайыактарын билиһиннэрдилэр.