Ааспыт нэдиэлэҕэ министиэристибэлэр истэринэн тэриллибит уопсастыбаннай Сэбиэттэр төһө көдьүүстээхтик үлэлииллэрин билсэр соруктаах «Судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уопсастыбаннай Сэбиэттэрэ: олоҕу хамсатар санаа атастаһыыта дуу, суолтатыгар эрэ үлэ дуу?» диэн өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палататын чилиэннэрин кытта уопсастыбынньыктар көрсүһүүлэрэ буолан ааста.
«Ааспыт сыл сэтинньитигэр министиэристибэлэр истэринэн үлэлиир уопсастыбаннай Сэбиэттэр үлэлэрин ырытан көрдүбүт. Уопсастыбынньыктар үлэлэрин көдьүүһүн хас да хайысханан кэтээн көрүүбүт түмүгэр, үгүс Сэбиэт уота-күөһэ суохтук үлэлиирэ бэлиэтэннэ. Улуустары кытта ыкса сибээһи тутуһан үлэлииллэринэн, араас сытыы боппуруостары ырыталларынан Доруобуйа харыстабылын, Үөрэх уонна Спорт министиэристибэлэрэ атыттартан ордук чорбойоллор. Ону тэҥэ дьарыктаах буолуу, ойуур харыстабылын, булт хаһаайыстыбатын департаменнара үлэлэригэр сонун сүүрээннэри тобуларга дьулуһаллар», — диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палататын толорор былаас уонна муниципальнай уорганнар уопсастыбаннай Сэбиэттэрин кытта бииргэ үлэлээһин хамыыһыйатын салайааччыта Мария Чемерзанская.
Дьыалабыай көрсүһүүгэ үгүс уопсастыбанньык санаатын хото этиннэ. Үгүстэр: «Биһиги үлэбит көдьүүһэ былааһы норуокка чугаһатыыны кытта ыкса сибээстээх», — диэн бэлиэтээтилэр. Ол эрээри туох түмүктээх үлэ ыытыллара, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэмиттэн кэмигэр сөптөөхтүк тиэрдиллэн испэтин туһунан сытыы боппуруос эмиэ хаарылынна.
Уопсастыбаннай палата чилиэннэрэ министиэристибэлэр уопсастыбаннай Сэбиэттэрэ араадьыйаҕа, телевидениеҕэ, хаһыаттарга уонна интернет-сайтарга бэйэлэрин ыытар үлэлэрин дьон-сэргэ истэ-билэ олорорун курдук сырдаппаттарын бэлиэтээтилэр. Биир эмэ иһитиннэрии баар да буоллаҕына, уопсастыбаннай Сэбиэт састааба уонна мунньахха көрүллэр эрэ боппуруостар буолаллар. Онон дьон министиэристибэлэр уопсастыбаннай Сэбиэттэрэ тугу үлэлииллэрин үчүгэйдик билбэттэр.
Уопсастыбаннай сэбиэттэр туһунан өрөспүүбүлүкэ Общественнай палатата тэрийбит истиилэрин кыттыылаахтара толорор былаас уонна муниципальнай уорганнар икки ардыларыгар «далаһа уурар» уопсастыбанньыктар үлэлэрин көдьүүһүн үрдэтэргэ бэрт толкуйдаах этиилэри киллэрдилэр. Мунньаҕы ыытааччы, уопсастыбаннай палата сэкиритээрэ Нина Барашкова: «Уопсастыбынньыктар баҕа санааларын учуоттаан, үөрэтэн баран, палата анал сүбэ-мэктиэ быһыытынан быһаарыы ылыллыаҕа», — диэн эттэ.
Уопсастыбаннай Сэбиэттэри түмэргэ туһаайыллыбыт мунньахха кыттыыны ылбыт СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Соловьев: «Бу аан бастакы көрсүһүү барыбытыгар үлэ хайысхатын тупсарыыга сонун тосхоллору сахта. Бу курдук бары уопсай тылы булан үлэлээтэхпитинэ, уопсастыбаннай Сэбиэттэр норуокка чугаһыахтара, дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыга туһуламмыт үлэлэрэ көдьүүстээх буолуоҕа», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палатата 45 толорор былаас уорганын иһинэн үлэлиир 40 уопсастыбаннай Сэбиэт үлэтин сүрүннүүргэ ылыста.
This post was published on 16.03.2016 16:40 16:40