Уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ Күлүмнүүр аатын Дьокуускай болуоссатыгар иҥэрэри туруорсаллар

Ыам ыйын 16 күнүгэр Дьокуускай куорат Петровскай, Ойуунускай, Каландришвили, Белинскэй ааттарынан уулуссалар быһа охсуһууларыгар баар хаалан турар сиргэ «Саха» киин миитин оҥорор.


Саха сирин чулуу уола Василий Никифоров – Күлүмүүр төрөөбүтэ 150 сылынан бу хаалан турар сири куорат болуоссата оҥорорго уонна болуоссакка Күлүмүүр аатын иҥэрэри кинилэр туруорсаллар.

«Муус Хайа» таһыгар баар хаалан турар сиргэ ыам ыйын 16 күнүгэр киэһэ 17.00 чаастан дьону-сэргэни ыҥырабыт. Василий Никифоров-Күлүмнүүр — саха норуотун чулуу уола, интеллигенция бас-көс киһитэ этэ», – диэн СИА-ҕа уопсастыбаннай киин бэрэстэбиитэлэ Иван Ушницкай эттэ.

Миитиҥҥэ мустубут дьоҥҥо анаан эстрада, театр артыыстарын улахан кэнсиэрэ буолуоҕа.

This post was published on 13.05.2016 15:21 15:21