Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 8551 оҕо төрөөтө, ол иһигэр 4415 уол уонна 4136 кыыс. Кинилэр хас биирдиилэрэ 100 тыһ солк суумалаах «Үйэ оҕолоро» хапытаалы ылаллар.
Сыаллаах хапытаал 6677 дьиэ кэргэҥҥэ бэрилиннэ, онтон 1388-һа харчытынан туһанна, уопсай суума 122 мөл солк. 1019 сайабылыанньалаах 88 мөл солк олорор дьиэни тупсарыныыга ыытта, 345 ыал 32 мөл 105 тыһ солк тырааныспар ылынна.
Уон ыал кэтэх хаһаайыстыба тэриниитигэр үбүн анаата, тоҕус кирэдьииттиир тэрилтэҕэ оҕо үөрэҕэр анаан кылаат арыйда, биир ыал оҕо үөрэхтэнэригэ үбүн анаата.
This post was published on 04.10.2022 10:28 10:28