Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Турчак байыаннай дьайыыга сылдьар киһи дойдутугар уоппускаҕа кэллэҕинэ, мэдиссиинэ өҥөтүнэн толору туһаныахтааҕын туһунан РФ бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа дакылааттаата.
Андрей Турчак иһитиннэрбитинэн, билигин байыаннай сулууспаҕа сылдьар киһи медицинскэй страховката уоппускаҕа кэллэҕинэ үлэлээбэт. Бу боппуруоһу быһаарыыга сокуоҥҥа уларытыылары киллэриэххэ наада.
— Билигин сокуонунан байыаннай дьайыыга сылдьар байыас медицинскэй страховката сулууспатын кэмигэр тохтуур. Ол иһин, дойдутугар уоппускатыгар кэллэҕинэ мэдиссиинэ өҥөтүнэн кыайан туһаммат. Холобур, эпэрээссийэҕэ наадыйар түгэнигэр, ыйы ыйдаан уочаратын кэтэһиэн наада. Бу боппуруоһу быһаарар туһуттан байыас уоппускатын кэмигэр медицинскэй страховкатын төннөрүөххэ диэн этиилээхпит. Бу туһунан биһиги оробуочай бөлөхпүт Доруобуйа харыстабылын, Оборуона министиэристибэлэрин, Байыаннай мэдиссиинэ сүрүн управлениетын кытары кэпсэтэн турар. Биир санааҕа кэлбиппит эрээри, бу боппуруоһу түргэнник быһаарарбыт наада, — диэн иһитиннэрэр Андрей Анатольевич.
Санатан эттэххэ, былырыын кыһын Оборуона министиэристибэтин көҕүлээһининэн парламент иһинэн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастарга көмө-тирэх буолар оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Бөлөҕү Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Турчак салайар, суруйда Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» сайт.
This post was published on 26.04.2023 14:34 14:34