22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уон улуус олоҥхо дьиэтин биир ситимҥэ үлэлэтиигэ сөбүлэҥ түһэристэ

17:32, 28 ноября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Россия – моя история» паарка «Олонхо Экспо-2022» быыстапка былаһааккатыгар биир кэлим олоҥхо дьиэлэрин тиһигин үлэлэтэр тэрилтэлэри тэрийиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр.

Докумуону геокултуурунай сайдыы института, өрөспүүбүлүкэтээҕи неоруот айар дьиэтэ, олоҥхо театра, олоҥхо дьиэлэрэ үлэлиир 10 оройуон баһылыга олохтостулар. Билигин региоҥҥа 11 олоҥхо дьиэтэ баар, олортон биирдэстэрэ Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр — өрөспүүбүлүкэ таһымнаах.

Олоҥхо дьиэлэрэ салгыы атын улуустарга арыллыахтаахтар. Манна норуот үгэстэрин материальнайа суох култуура нэһилиэстибэтин шедеврын нөҥүө сайыннарыы, өйөбүл ыытыллыахтаах. Геокултуурунай сайдыы института сүрүннүүр тэрилтэ буолар, методическай хааччыйыыны уонна нуорма-быраап өйөбүлүн оҥорор.

Уон оройуоҥҥа киирдилэр – Горнай, Нам, Кэбээйи, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА