Уон нэһилиэнньэлээх пууну тупсарыыга Саха сирэ миллиард кэриҥэ үбү ылла

Хаартыска: ЯСИА саайта

2023 сылга Уһук Илиҥҥи уокурукка тупсаҕайдык олорууну олохсутар куонкуруска Саха сирэ 900 мөл солк суумалаах 10 граны кыайбыта.

Былырыын биэс бырайыак олоххо киириитэ саҕаламмыта: Үөһээ Бүлүүгэ, Бэрдьигэстээххэ, Бороҕоҥҥо, Ленскэйгэ уонна Жатайга, быйыл Бүлүүгэ, Мииринэйгэ, Нерюнгрига, Орто Халымаҕа уонна Майаҕа саҕаланыаҕа.

Куонкурус президент Владимир Путин сорудаҕынан «Формирование комфортной городской среды» бырагырааманан ыытыллар.

This post was published on 06.02.2024 12:04 12:04