Ил Дархан Айсен Николаев «Умнас» айан суолун тутуутун көрдө. ГАИ поһуттан Владимировкаҕа диэри кэрчиги бэрэбиэркэлээтэ.
Суол тутуутун түмүктүүр болдьох 2025 сылга былааннаммыта. Ити эрээри кыраапыгы эрдэлээһин учуоттанан, эбийиэги 2024 сылга бүтэрэр сорук турар. Айсен Николаев суол үлэһиттэригэр махтанна.
«Эбийиэги 2025 сылга үлэҕэ киллэрэр былаан баар эбит буоллаҕына, билигин суолу оҥорооччулар үчүгэй үлэлэринэн суол быйыл үлэҕэ киириэҕэ. Маладьыастар!» — диэн суруйда Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар.
Учаастакка сүрүн үлэ бүттэҕинэ, остановкалары, күрүөлэри, тротуары оҥоруохтара.
«Умнас» айан суола өрөспүүбүлүкэҕэ иккиһинэн иккис техническай категориялаах суолунан буолар.