Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕанатын олохтооҕо Ульяна Пермякова хас эмэ уонунан сыллар тухары, олоҕун усталаах-туоратыгар эрэли, тапталы өрө тутан 96 сааһыгар бигэтик үктэннэ. «Мин сүрэхпэр-дууһабар сырдык санаалары иитиэхтээн илдьэ сылдьабын, ол да иһин буолуо, олох моһоллорун, араас ыарахаттарын уйбут буолуохпун сөп», — диир кини. Кини төһө да сааһырдар дьиэ ис-тас үлэтин кыайа тутар, айар, тутар.
Ульяна Егоровна Боотурусскай улууһугар 1920 сыллаахха буор муосталаах, муус түннүктээх быыкаа балаҕаҥҥа күн сирин көрбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн холкуос араас үлэлэригэр күүрүүлээхтик үлэлээбитэ. «Биһиги инникибитигэр сырдык эрэллээх этибит, хайа да ыарахаттары аахсыбакка, өрө тахсыылаахтык үлэлиирбит», — диир Ульяна Егоровна.
20 саастааҕар Владимир Пермяковка кэргэн тахсыбытын кэннэ, сотору буолаат, аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт. «1942 сыл күһүнүгэр Чурпачы олохтоохторун хоту көһөрөр, фроҥҥа анаан балыкка үлэлэтэр туһунан дьаһал тахсыбыта. Биһиги нэһилиэкпит олохтоохторун дьонун-сэргэтин, сүөһүтүн-аһын барытын Кэбээйи улууһугар көһөрбүттэрэ», — диэн ол ыар сыллары кини эргитэ саныыр.
Эдэр ыал Кэбээйи улууһун Таас Тумулугар тиийбитэ. «Кыһын илиминэн балыктыырбыт. Сарсыарда эрдэ кэргэмминээн тоҥ мууһу көйөрбүт. Томороон тымныыттан бөһүйэ тоҥмут илиилэрбитинэн былыгы бэрийэрбитин күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппын», — диэн хараҕын уутун сотто-сотто кырдьаҕас кэпсиир.
Саас дойдуларыгар төннөллөрүн туһунан үөрүүлээх сурах кэлбитэ. Ити уһунан кэпсииригэр кини үөрэ, мичилийэ түһэр. Сэрии кэннинээҕи аас-туор сылларга көһөн кэлбиттэри, аһара мөлтөөбүт-ахсаабыт дьону ким да иитимньи, адаҕа оҥостуон баҕарбата. «Нэһиилэ Чаачый алааска дьон тэҥинэн үлэлиир-хамсыыр буолбуппут», — диир Ульяна Егоровна. Ити алааска Нуораҕана сэлиэнньэтин бөдөҥ сопхуоһа баара. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри кини харыс да сири халбарыйбакка, бу сопхуоска көдьүүстээхтик үлэлээбитэ.
Сэрии кэнниттэн Ульяна Егоровна кэргэнинээн 9 кыыс оҕону төрөппүттэрэ, 2 уол оҕону сиэрдээхтик иитэн, улаатыннаран, атахтарыгар бигэтик туруорбуттара.
«Кэргэним олохтон эрдэ туораабыта. Баайа-дуола суох судургутук олорбуппут. Оҕолорум бары сайынын ыанньыксыттаан, оттоон-мастаан миэхэ күүс-көмө буолаллара. Билигин кинилэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар тиийэн олохсуйдулар», — диир истиҥ ийэ.
Бу кыһын Ульяна Егоровна 96 сааһын томточчу туолуоҕа. «Биһиги эбээбит күн бүгүҥҥэ диэри иистэн илиитин араарбат. Сиэннэрин Аняны, Сашаны оскуолаҕа атаарар уонна дьиэ ис-тас үлэтигэр күннэтэ түбүгүрэр», — диир кыыһа Матрена Владимировна.
«Үлэтэ, дьарыга суох олорорбун букатын сөбүлээбэппин. Атаҕым мөлтөх буолан дьиэттэн тахсыбаппын. Ол оннугар дьиэ иһигэр арааһы бары гынабын: эбиэккэ хортуоппуй да хастыыбын, миин да буһарабын», — диир кини.
Кини айар дьоҕура элбэҕинэн дьону сөхтөрбүтэ чахчы. Ульяна Егоровна сылгы сиэлиттэн бэйэтэ оҥорбут сэлээппэлэрин, түбүтүөйкэлэрин дьонугар-сэргэтигэр бэлэхтээн үөрдэр. Кини илиитин иһиттэн айыллан тахсыбыт оҥоһуктар улууска ыытыллар араас куонкурустарга бастыҥынан ааттаналлар. «Биһиги ийэбит тикпит таҥаһын кэтэн улаапыппыт. Оһох инньигэр олорон эрэ тыһы имитэрин, этэрбэһи, саҕынньаҕы иҥнигэһэ суох тигэрин күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүбүт», — диир кыыһа Матрена.
Саха үгэһин быһыытынан сиэннэр ахсааннара хас буолбута ааҕыллыбат. «Төһө сиэннээҕим, хос сиэннээҕим туһунан ыйыталаһыма, 100-чэкэҕэ чугаһаатылар. Кинилэри олус харыстыыбын, ол иһин аахпаппын, хайҕаабаппын, арбаабаппын», — диир эйэҕэс хос эбээ.
«Эбэбит Ульяна муҥура суох тулууру, тапталы бэйэтигэр иҥэринэ сылдьар холобур туттар үтүө киһибит. Сүрэҕинэн-дууһатынан сырдык санааны сыдьаайан, эрэли уонна тапталы үөскэтэн олоҕу сиэрдээхтик олорор», — дииллэр кини чугас дьоно.