Бу дьыл от ыйын 20 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ (2012), РСФСР үөрэҕириитин туйгуна (1987), Саха Өрөспүүбүлүкэтин орто анал үөрэхтээһинин туйгуна, педагогика билимин хандьыдаата, Учууталлар учууталлара, методист учуутал, “БПУ-БПК бастыҥ выпускнига” кыһыл көмүс, “Преподаватель-методист”, “Методист республики” (2008) дьоһун бэлиэлэр хаһаайкалара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын үрдүк бэлиэлэринэн: “370 лет Якутии с Россией”, “385 лет Якутии с Россией”, Ил Түмэн үрүҥ көмүс бэлиэлээх Бочуотунай грамотатынан уонна кыһыл көмүс анал ааттаах чаһыынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин идэлээх сойуустарын үрүҥ көмүс бэлиэтэ – наҕараадалаах; үгүс анал наҕараада: национальнай оскуолалар сайдыыларын Концепциятын идиэйэтин олоххо ситиһиилээхтик киллэрэрин иһин (1994), Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Барҕарыы” национальнай фондатын (1996), училище-колледж историятын сайыннарарга ситиһиитин иһин Тюляховтар дьиэ кэргэн анал Стипендиятын (2003), саха тылын уонна литературатын методиһа Г.Ф. Сивцев дьиэ кэргэнин анал Стипендиятын – Стипендиаттара; Бүлүү уонна Нам улуустарын Ытык Киһилэрэ (2002), Өрөспүүбүлүкэ анал орто үөрэҕин туйгуна (2007), олоҕун үтүө кэмнэрин Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училище/колледж сайдыытыгар олоҕун анаабыт үтүөкэннээх учуутал, «Бичик» национальнай кинигэ издательствотын «Национальнай кинигэни таһаарыыга кылаатын иһин» анал бэлиэтин хаһаайына (2012), Бүлүүтээҕи педколледж Бочуоттаах бэтэрээнэ Ульяна Федоровна Кондакова сырдык тыына быһынна.
Ульяна Федоровна Кондакова (кыыс араспаанньатынан – Новикова) 1948 сыллаахха муус устар 2 күнүгэр Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьоллоох оҕо сааһа Модут нэһилиэгэр ааспыта.
1961 с. Модут алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, Нам орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1964 с. 8-с кылааһы бүтэрэн, «Эдэр коммунист» хаһыакка «Бүлүүгэ үөрэнэ кэлиҥ» биллэриинэн, дьүөгэтин кытта Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэххэ киирбитэ. Үөрэнэр сылларыгар эдэркээн Уля устудьуон олоҕор көхтөөхтүк кыттан барбыта. Кини бастыҥ общественник, спортсмен, үҥкүүһүт бэрдэ, барытыгар лиидэр этэ. 1968 с. училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, Нам орто оскуолатыгар алын кылаас учуутала буолуоҕуттан Ульяна Фёдоровна диэн ытыктабыллаахтык ааттаммыта.
1968-69 сс. Нам орто оскуолатыгар алын кылаастарга учууталлыыр. 1969-71 сс. – Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтигэр ыстаарсай пионербаһаатай уонна баспытаатал, 1971-73 сс. – Бүлүү куоратын 1 №дээх оҕо саадыгар музыка учуутал уонна баспытаатал.
1973 с. учуутала, дириэктэрэ М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ ыҥырыытынан үөрэммит кыһатыгар үлэлии кэлэр. Ульяна Федоровна 1977 с. Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин бүтэрэн, саха тылын уонна литэрэтиирэтин идэтин баһылаан, 52 сыллаах айымньылаах үлэтэ саҕаланар.
Ульяна кырылас кумахтаах Бүлүү биэрэгэр, училищеҕа үөрэнэр кэмигэр олоҕун доҕорун Алешаны, Алексей Васильевич Кондакову, көрсөн, 1969 с. ыал буолуохтарыттан Бүлүү куоратын биир бастыҥ мааны ыала, 2 уол амарах ийэтэ, элбэх сиэн тапталлаах эбэтэ буолан, дьоллоох-соргулаах олоҕу олорон ааспыта. Ол курдук 1997 с. аан бастаан ыытыллыбыт “Бүлүү Далбар кийиитэ” улуустааҕы күрэх кыайыылааҕа буолан, чахчы даҕаны, “Бүлүү Аан Дархан кийиитэ» буолбута.
Ульяна Федоровна куруук олох үөһүгэр сылдьар киһи этэ, бэйэтин кэмин чаҕылхай сулуһа этэ. Ол курдук 1975-76 сс. – Бүлүү педучилищетын хомсомуолун тэрилтэтигэр сэкирэтээрэ, 1976-77 сс. – Бүлүү оройуонун хомсомуолун кэмитиэтин тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйэ. 1977-78 сс. – Бүлүү оройуонун оскуолаларыгар хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээрэ. 1978-79 сс. – Бүлүү райсэбиэтин норуодунай депутаттарын култуураҕа салаатыгар сэбиэдиссэй. 1994 с. 21 №дээх уокуруктан куорат сэбиэтин депутата. 1999-2000 сс. – Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа дириэктэр эбээһинэһин солбуйааччы. 2000-2004 сс. – Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа кэтэхтэн үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ.
1979-1991 сс. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин преподавателинэн үлэлиир. Бу кэмҥэ, 1979-1986 сс., Бүлүүтээҕи педучилище үлэһиттэрин идэлээхтэр кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин сүгэр.
Ульяна Федоровна 1980-90-с сс. оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ саҥаны киллэрэн, бастыҥ уопутун тарҕатан барбыта, училищеҕа биир бастакынан “Методист преподаватель” үрдүк категориятын ылбыта. Ол курдук үгүс элбэх аһаҕас уруогу ыытан, саҥа идеяларын олоххо киллэрэрэ. 1993 с. колледжка бастакытын ыытыллыбыт «Бастыҥ преподаватель» күрэххэ кыайыылаах буолбута, онтон 1994 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин орто анал үөрэхтээһинин бастыҥ преподавателэ буолбута элбэҕи көрдөрөр. Ити сыл Уһук Илин регионын орто анал үөрэхтээһинин уһуйааччыларын куонкуруһун финалиһа буолбута. Кини муспут дидактическай матырыйаалларынан ити кэмнэртэн кинигэ оҥоруутун саҕалаабыта [11; 12; 13; 14; 15; 16; 24].
Кондакова У.Ф. – 1991-1992 сс. Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы.
Ульяна Федоровна өр сылларга ымыы гынан иитиэхтээбит баҕа санаатын толорон, 1992 с. училище иһинэн саха билэлиэгийэтин уонна культурологиятын колледжнай салаатын арыйар. Бу бэйэтин туһугар хорсун быһыы этэ. Онон оччотооҕу дириэктэр Н.П. Куличкин өйөбүлүнэн, СГУ ректорын А.Н. Алексеевы, СГУ бэрэпиэссэрин, т.б.д. Г.Г. Филипповы кытта сүбэлэрин холбоон, орто анал үөрэх тэрилтэтигэр Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин филиалын арыйаллар. Өрөспүүбүлүкэ, улуус бастыҥ учууталларын, учуонайдарын: Е.С. Жиркованы, А.А. Новгородованы, Р.С. Семенованы, Д.И. Чиркоеваны, кэргэннии В.В. уонна М.С. Васильевтары, М.Т. Гоголеваны уо.д.а. – ыҥыран, айымньылаах коллективы тэрийэн, кэскиллээх үлэ күөстүү оргуйар: национальнай оскуолалар Концепцияларын идиэйэтэ олоххо киллэриллибитинэн барар. Онон, СГУ-ну кытта дуогабар түһэрсэн, бастакы выпускниктарыттан саҕалаан үнүбэрситиэккэ салгыы кылгатыллыбыт бырагырааманан үрдүк үөрэҕи бүтэрэр олуктарын уурар, манна күнүскү уонна кэтэхтэн үөрэхтэри сатабыллаахтык тэрийэр. Кондакова У.Ф. 1992-1998 сс. колледжка сэбиэдиссэйдиир кэмигэр «Сыл бастыҥ устудьуона», «Салама ыйааһына», «Тыл оонньуута», “Идэҕэ уһуйуу”, “Литературнай ааҕыы”, “Айылгы” ансаамбыл отчуоттуур кэнсиэрэ, о.д.а. тэрээһиннэр үгэскэ кубулуйбуттара, ол курдук иитэр-үөрэтэр үлэ көрүҥнэрин олохтообута.
1991-1999 сс. Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа туспа суоллаах-иистээх “Айылгы” болкулуор ансаамбылын айан үлэлэтэр. Ульяна Федоровна бу айан үлэлэппит “Айылгы” ансаамбыла 1998 с. “Народнай коллектив” үрдүк аакка тиийэ үүнэр. Бастакы уһуйааччылар Е.С. Сергина (Жиркова), И.А. Пахомова этилэр. Кэлин бэрт таһаарыылаахтык хореограф Е.С. Васильева, С.Г. Мытник, Г.И. Васильева, о.д.а. үлэлээбиттэрэ. 1998 сылтан «Айылгы» ансаамбыл норуодунай ааты сүгэн, аан дойду, Россия куораттарынан саха искусствотын, култууратын тарҕатыыга бэйэтин кылаатын киллэрэр.
Ульяна Федоровна үгүс сыллаах уопутун мунньан, 2002 с. “Вербальные игры как средство повышения профессиональной подготовки будущего учителя” үлэтинэн [10] педагогика билимигэр хандьыдаат истиэпэнин көмүскүүр. Бу чинчийиитигэр Кондакова У.Ф. “Тыл оонньуута” учуутал буолаары сылдьар устудьуон үгүс араас кэмпитиэнсийэтин сайыннарарга, арыйарга туһуланарын бэлиэтиир. Ол курдук Ульяна Федоровна бу оонньуунан учуутал идэтин баһылаан эрэр устудьуон ылбыт билиитин систиэмэлии үөрэнэрин, тобуллаҕас толкуйун сайыннарарын, дьону кытта бодоруһа үөрэнэрин, хамаанданан үлэҕэ бэлэм буоларын, сайда үөрэнэрин ситиһиэххэ сөбүн арыйбыта, оҕо идэтин баһылыырыгар биир бастыҥ ньыма буоларын дакаастаабыта. Билимин салайааччытын п.б.д. Д.А. Даниловы кытта үгүс сылларга сибээһин быспатаҕа. Бу үлэтин чэрчитинэн колледжка үгэскэ кубулуйбут умсугутуулаах «Тыл оонньуутун» 2018 с. үлэтиттэн уурайыар диэри тус бэйэтэ ыыппыта.
2008 сылтан «Өрөспүүбүлүкэ учуонай дьахталларын” лигатын Бүлүүтээҕи салаатын салайбыта. Кини уурбут олугунан колледжтан 4 учуонай үүнэн тахсыбыта (Е.С. Жиркова, Т.И. Волчок, З.Н. Борисова, И.И. Петрова). 2004-2009 сс. М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин Бүлүү улууһугар представительствотыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлиир. 2009-2012 сс. ХИФУ-БПК кыттыгас УМУ специалиһа. 2012 сыллаахха БПК-ҕа информационнай технология центрыгар эрэдээктэринэн ананар.
2000 сыллартан саҕалаан колледжка кинигэ таһаарыытыгар күүскэ ылсан үлэлээбитэ. Бастакы кинигэтин бэйэтэ хомуйан-суруйан БПК дириэктэрэ Н.П. Куличкин сырдык кэриэһигэр анаабыта [25], кэлин иккис ахтыы кинигэтин чөмчөтөн таһаартарбыта [22]. Үлэлээн ааспыт, үлэлии сылдьар уһуйааччыларга анаммыт кинигэ сиэрийэлэрин, научнай-методическай уонна үөрэтэр босуобуйалары таһаарыыга элбэх сыратын биэрбитэ. Ол курдук талааннаах учуутал, саха тылын бастыҥ методиһа, үгүс үөрэх кинигэтин ааптара Г.Ф. Сивцев [5], топонимист, САССР үтүөлэээх учуутала, БПУ-га таһаарыылаахтык дириэктэрдээбит М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ [18], айымньылаах учууталлар Каратаева В.Д. [21], Золотарева М.З. [34], Санников В.И. [35], Семенова Р.С. [28], С.С. Томскай [30], Алексеев Е.Р. [7], Никифорова Л.К. [17], Абрамова М.И. [19], Винокурова М.М. [20], Егорова Н.И. [23], Максимова М.Ф. [26], Кузьмина Г.Г. [27], Кондакова У.Ф. [33] уо.д.а. олохторун сырдатар, лиичинэс уонна педагог быһыытынан уратыларын арыйар олус үчүгэй кинигэлэри таһаартаабыта. Ульяна Федоровна үтүө дьону сүрэҕэр илдьэ сылдьара, маны таһынан бэйэтин кэмин кэрэ бэлиэ дьонун таба көрөн арыйара мантан көстөр.
Саха тылын идэлээҕин быһыытынан бастыҥ уопуттаах учууталлары сырдатарга кыһанара [1; 8],
Кэнники сылларга колледж 100 сыллаах устуоруйатын түмүү Ульяна Федоровна биир соруга буолбута. Ол курдук 2 томнаах сүүнэ бэйэлээх «Сылаас уйа – сырдык кыһа» [31; 32], колледж Бочуотун кинигэтин [9] уонна саха салаатын устуоруйатын [29] түмэн таһаарбыта. Биир улахан үлэ Бүлүү куорат түҥ былыргы устуоруйатын арыйар, билиҥҥитин сырдатар альбом кинигэтэ буолар [4]. Онон, Кондакова У.Ф. Бүлүү устуоруйатын чөмчөтүспүт, БПК устуоруйатын суруйбут, ол туһугар күлүбүрүү умайбыт чаҕылхай кэллиэгэбит буолар.
Кондакова У.Ф. 55 кинигэни, 100-тэн тахса билимҥэ, педагогикаҕа сыһыаннаах ыстатыйаны суруйбута.
Ульяна Федоровна сырдык санаалаах кыргыттар уонна уолаттар төрөөбүт дойдулара сайдарын туһугар туох баар күүстэрин биэрэн туран үлэлииллэрин туһугар, бу санааны иитиэхтииргэ Бүлүү педучилищетыгар өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Бу олохтон барыар диэри училище-колледж историятын суруйууга, дьон аатын үйэтитиигэ үлэлии олорбута. Дьон сүрэҕэр уоту саҕар, дьоҥҥо үтүөнү эрэ көрөр дьикти ураты дьоҕурдааҕа.
Бииргэ үлэлээбит дьоно, үөрэнээччилэрэ
Литэрэтиирэ:
- IV Сивцев ааҕыылара : саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларыгар көмө босуобуйа / [хомуйан оҥордо У. Ф. Кондакова, п.н.к.]. – Дьокуускай : Алаас, 2016. – 146 с.
- Аммосова Татьяна Прокопьевна : Т. П. Аммосова-Ахсаана Сонтуой төрөөбүтэ 80 сылыгар ананар : [12+] / хомуйан оҥордулар: А. П. Народова, М. Ф. Максимова, Р. В. Нестерова ; кинигэни таһаарыыга эппиэттээх үлэһиттэр: У. Ф. Кондакова, У. А. Васильева. – Дьокуускай : Бичик, 2020. – 246 с.
- Библиографический указатель публикаций преподавателей Вилюйского педагогического колледжа им. Н. Г. Чернышевского / [составители: Кондакова У. Ф., кандидат педагогических наук, Платонова Ф. К., Степанова А. Е.]. – Якутск : Бичик, 2012. – 130 с.
- Вилюйская земля: истоки, традиции, современность / [составители: У. Ф. Кондакова, К. К. Лукина, С. П. Николаева, Н. И. Егорова ; редакционная коллегия: С. Н. Винокуров и др.]. – Якутск : Бичик, 2014. – 375 с.
- Гаврил Федотович Сивцев / [хомуйан оҥордулар: У. Ф. Кондакова, Е. Г. Буслаев ; научнай редактор Г. Г. Филиппов]. – Дьокуускай : Бичик, 2008. – 126 с.
- Директора по призванию / [составители: У. Ф. Кондакова, кандидат педагогических наук, Н. И. Егорова]. – Якутск : Алаас, 2014. – 210 с.
- Евгений Романович Алексеев / [составители: У. Ф. Кондакова, кандидат педагогических наук, Н. И. Егорова]. – Якутск : Бичик, 2012. – 174 с.
- Ийэ тыл кэрэһиттэрэ / [хомуйан оҥордулар: У. Ф. Кондакова, педагогическай наука кандидата, В. Р. Шишигина ; научнай эрэдээктэр Г. Г. Филиппов, филологическай наука доктора, бэрэпиэссэр]. – Дьокуускай : СГУ изд-та, 2010. – 217 с.
- Книга почета Вилюйского педагогического колледжа имени Н. Г. Чернышевского / ; [автор проекта, составитель У. Ф. Кондакова и др.]. – Якутск : Бичик, 2012. – 93 с.
- Кондакова У.Ф. Вербальные игры как средство повышения профессиональной подготовки будущего учителя : Дис. … канд. пед. наук : 13.00.01 Якутск, 2002. – 139 с.
- Кондакова У.Ф. Дидактические материалы по якутскому языку : учебное пособие для 3-го класса. – Якутск : Бичик, 1991.
- Кондакова У.Ф. Дидактические материалы по якутскому языку : учебное пособие для 4-го класса. – Якутск : Бичик, 1994.
- Кондакова У.Ф. Сыккыс : книга для чтения в 1-м классе. – Якутск : Кн. изд. «Бичик», 2000.
- Кондакова У.Ф. Тыл оонньуулара : [12+]. – Дьокуускай : Бичик, 2014. – 86
- Кондакова У.Ф. Тыл оонньуута (вербальные игры) : учебное пособие для учителей якутского языка. Ч.1. – Якутск : Бичик, 1998.
- Кондакова У.Ф. Тыл оонньуута» (вербальные игры) : учебное пособие для учителей якутского языка. – Ч.2. – Якутск : изд.-во ЯГУ, 2002.
- Лилия Кирилловна Никифорова / [сост.: У. А. Васильева, Л. К. Никифорова ; отв. за вып. У. Ф. Кондакова ; авт. предисл. М. С. Томский]. – Якутск : Бичик, 2015. – 314 с.
- М. С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ / [хомуйан оҥордулар: Е. Р. Алексеев, С. П. Григорьев, У.Ф. Кондакова ; научнай редактор И. Е. Алексеев]. — Дьокуускай : Бичик, 2008. – 219 с.
- Мария Ивановна Абрамова / [хомуйан оҥордулар: У. Ф. Кондакова, п.н.к., М. И. Абрамова]. — Дьокуускай [Бичик], 2011. – 148 с.
- Матрена Михайловна Винокурова : [ахтыылар] / хомуйан оҥордо У. Ф. Кондакова. – Дьокуускай : Алаас, 2020. – 239 с.
- Музыку – всем : [воспоминания / сост.: к.п.н. У. Ф. Кондакова, В. Н. Осипова, З. Д. Угарова, С. П. Григорьев]. – Якутск : Дани-Алмас, 2018. – 171 с.
- Николай Петрович Куличкин / [составители: У. Ф. Кондакова, Н. И. Егорова]. – Якутск : Бичик, 2013. – 191 с.
- Нина Ильинична Егорова : [воспоминания] / [составители: У. Ф. Кондакова, Н. И. Егорова ; автор предисловия: М. С. Томский, У. Ф. Кондакова]. – Якутск : Бичик, 2011. – 151 с.
- Олоҥхону — оҕолорго : (олоҥхо үөрэҕэ) / хомуйан оҥордо, бэчээккэ бэлэмнээтэ У. Ф. Кондакова. – Дьокуускай : Алаас, 2017. – 142 с.
- Призвание – директор / составитель У. Ф. Кондакова ; редактор Н. И. Протопопова. – Якутск : Изд-во ДНиСПО МО РС(Я), 2000. – 55 с.
- Профессиональное мастерство педагога / [составители: М. Ф. Максимова, У. Ф. Кондакова, кандидат педагогических наук]. – Якутск : Бичик, 2012. – 202 с.
- Родник света и добра / [составители: У. Ф. Кондакова, Н. И. Егорова]. — Якутск : Бичик, 2012. – 126 с.
- Розалия Степановна Семенова : [ахтыылар] / хомуйан оҥордулар: У. Ф. Кондакова, М. Т. Гоголева, З. Н. Борисова, С. М. Варламова ; [киирии тылы суруйда Г. Г. Филиппов]. – Дьокуускай : Алаас, 2019. – 326 с.
- Саха салаата – сайдыы аартыга / [кинигэни хомуйан оҥордо п.н.к СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ У. Ф. Кондакова]. – Дьокуускай : Алаас, 2015. – 207 с.
- Семен Семенович Томскай / [хомуйан оҥордулар: У. Ф. Кондакова, М. С. Томскай, В. П. Томская ; киирии тыл автора М. С. Томскай]. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 234 с.
- Сылаас уйа, сырдык кыhа = Кузница педагогических кадров: 85 лет Вилюй, пед. колледжу им. Н.Г.Чернышевского / [авт. коллектив: Т.П.Аммосова и др. ; авт. проекта У.Ф.Кондакова]. – Якутск : Бичик, 2008. — 664 с.
- Сылаас уйа, сырдык кыһа = Кузница педагогических кадров. 90 лет Вилюйскому педагогическому колледжу им. Н. Г. Чернышевского. –Якутск : Бичик, – 350 с.
- Ульяна Федоровна Кондакова / [хомуйан оҥордо У.Ф. Кондакова]. – Дьокуускай : Бичик, 2013. – 219 с.
- Учуутал олоҕо… / [хомуйан оҥордулар: У. Ф. Кондакова, педагогическай наука кандидата, С. В.Золотарева]. – Дьокуускай : СГУ издательствота, 2010. – 60 с.
- Үтүө аат – көмүс кылаат : [ахтыылар] / хомуйан оҥордо У. Ф. Кондакова. – Бүлүү : [и. с.], 2002. – 43 с.