Ил Дархан Айсен Николаев сүөһү аһын бэлэмнээһин хампаанньатын түмүгүнэн мунньах ыытта. Быйылгы оттооһун ыарахан усулуобуйаҕа барбыта бэлиэтэннэ.
Сайын саҕаланыыта илин эҥэр улуустарыгар курааннаабыта, салгыы Кэбээйигэ уонна Дьааҥыга — халаан уута, ол кэннэ элбэх улууска тохтоло суох ардаабыта.
«Ити эрээри тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кыаҕынан-күүһүнэн, оттооһуҥҥа түмүк куһаҕана суох. 390 476 туонна от бэлэм — бу былаантан 88%, 27 860 туонна сиилэс – 92% былаантан уонна 14 176 туонна сенаж – 109% былаантан туолла», — диэтэ Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар.
Мунньахха сүөһү төбөтүн ахсаанын кыччаппат туһугар ылыллар миэрэлэри кэпсэттилэр. Бу хайысхаҕа үлэ барара этилиннэ.
«Ордук эмсэҕэлээбит аҕыс улууска концентрированнай сүөһү аһын 5 292 туоннаны, 1 600 туонна оту, уопсай суумата 101,3 мөл солк тириэрдэргэ быһаарылынна. Эбии оту тириэрдии 2023 сыл саҥатыгар эмиэ көрүллүөҕэ», — диэн Саха сирин баһылыга эттэ.
Мунньах түмүгүнэн бырабыыталыстыбаҕа уонна муниципалитеттарга эмсэҕэлээбит хаһаайыстыбаларга, ол иһигэр кэтэхтэргэ көмөнү чуоккайдык ыытар боппуруоһу быһааралларыгар этилиннэ.
This post was published on 11.10.2022 17:33 17:33