«Мин биисинэһим» өҥөнү оҥорор кииннэр Өлүөхүмэ, Сунтаар уонна Таатта улуустарыгар арылыннылар. «Малое и среднее предпринимательство и поддержка индивидуальной предпринимательской инициативы» национальнай бырайыак чэрчитинэн дьаһал ылыллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр билигин 15 «Мин биисинэһим» киин үлэлиир: Алдан, Амма, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Уус Майа, Хаҥалас оройуоттарыгар, маны сэргэ сэттэ «Түннүк» Дьокуускай куоракка үлэлиир.
2021 сылга эбии биэс «Түннүгү» улуустарга арыйар былаан баар, оттон 2024 сылга өҥөнү оҥорор киин хас биирдии оройуоҥҥа үлэлиэҕэ.
Предпринимателлэр бу кииҥҥэ биисинэстэрин сайыннарыыга судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү ылыыга хас биирдии түһүмэҕэр өйөбүл миэрэлэринэн туһаныахтара. Информационнай-консультациялыыр, үөрэтэр, үп, баай-дуол өттүгэр уонна да атын хайысхаларга өйөбүл ылыахтара, манна юридическай өҥө, бухгалтер уонна маркетинг батыһыннарыыта баар.
Исписэлиистэр нолуок, табаар уонна өҥө сертификациятын, бааҥҥа счет арыйыыта, ИП эбэтэр ХЭУо буоларга сүбэлэри оҥоруохтара.
Сиһилии https://ysia.ru/__trashed-158/
This post was published on 19.11.2020 12:01 12:01