Аныгы кэм сайдыытын сиэринэн, интэриниэт, онлайн-баан, банкомат олох ирдэбилэ буолла. Онуоха биһиги төһө бэлэммитий?
Хамнас, биэнсийэ, оҕо босуобуйата пластиковай каартаҕа түһэр буолбута ыраатта. Ол эбэтэр, тыа сиригэр, уһук дэриэбинэҕэ олорор киһи харчытын ыларыгар уустуктары көрсөр. Улуус киинигэр харчы төлөөн киириэн, уһун уочараты ааһан банкоматтан харчытын устуон наада. Маҕаһыыннарга мобильнай каасса аппарааттара ирдэнэллэр, онон баан, маҕаһыын, атын да тэрилтэ үлэтэ интэриниэттэн быһаччы тутулуктаах буолла.
Бу маннык кыһалҕаны сыллата бырабыыталыстыба отчуоттарыгар туруорсаллар. Үгүс улуустарга нэһилиэнньэ “Сбербаан” банкоматтара тиийбэттэрин, нэһилиэктэргэ баан өҥөтүн сайыннарар наадатын этэллэр. Ордук хоту улуустарга балаһыанньа ыарахан. Итиннэ интэриниэт үлэтэ мөлтөҕүн эбэн кэбис.
Манна даҕатан эттэххэ
35 №-дээх Арктикатааҕы быыбардыыр уокурук дьокутаата Владимир Членов бу кыһалҕаҕа “төгүрүк остуолу” тэрийэн ыыппыта. Киниэхэ хотугу улуустар олохтоохторо үгүстүк үҥсэллэр эбит. Буолумуна, харчы устар туһуттан уонунан көстөөх сиргэ айаннаан тиийэн баран, банкомакка харчы суох буолан, эбэтэр үлэ чааһа бүтэн хаалан, төттөрү төннөр, хоно сытар түгэннэрэ үгүс. Үгүс кыаммат дьон пластиковай каарталарын кытары пин-кодтарын суруйан, итэҕэйэр дьонноругар биэрэн ыллараллар. Дьиҥэ, бу букатын көҥүллэммэт дьыала эбээт. Хайыай, кыһалҕаттан буоллаҕа.
Кирэдьииттэрин, нолуоктарын төлөөрү, харчыны ыытаары чааһы-чааһынан уочаракка турарга күһэллэллэр. Ыстараабы, араас түһээннэри сатаан төлөөбөккө, сылы-сылынан мунньан кэбиһэллэр. Онон олохтоох уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэригэр түһээн ситэ хомуллубакка хаалар.
Холобур, Абый улууһугар банкомат уонна терминал икки сылы быһа аанньа үлэлээбэтэхтэр. Кэлин өрөмүөннээбиттэр эрээри, аны харчыны ылбат буолбут. Ол иһин бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнастарын киин бухгалтерия нөҥүө бэрдэрэ сылдьыбыттар.
Аллайыаха улууһугар Чокурдаах үрдүнэн биир эрэ банкомат үлэлиир. Интэриниэт, мобильнай сибээс быстар мөлтөх. Маныаха үксүн харчыны түргэнник эргитэр урбаанньыттар оҕустараллар. Усуйаана улууһугар эмиэ биир эрэ банкомат үлэлиир. Уус Куйга, Нижнеянскай, Хаһааччыйа бөһүөлэктэригэр сберкаассалар күн аҥаарыгар эрэ үлэлииллэр. Аллараа Халыма улууһугар, Черскэйтэн 30-40 көстөөх нэһилиэктэргэ хамнас, босуобуйа харчытын ханнык аргыс баарынан, туох да харабыла-тойо суох ыытан ыллараллар.
Өймөкөөн улууһун үрдүнэн баара-суоҕа икки банкомат үлэлиир. Банкомат алдьанар түгэнигэр, исписэлиис Дьокуускайтан кэлэрин кэтэһэллэр. Өлөөн улууһугар биир терминал баара алдьанан хаалан, улахан уочарат тахсыбыт. Дьааҥыга «Сбербаан» биир банкомата баар да, алдьанан-хайаан моһуоктаан, үгүс дьону эрэйдиир. Сибээс араҕыстаҕына, банкоматтар үлэлэрэ тохтуур. Интэриниэт баара эбитэ буоллар, олохтоохтор «Сбербаан-онлайн» өҥөтүнэн хото туһаныа этилэр. Ол эрээри нэһилиэктэргэ сибээс хаачыстыбата быстар мөлтөх.
Булуҥ улууһун Күһүүрүгэр эбии офис нэдиэлэҕэ иккитэ күн аҥаарыгар эрэ үлэлиирэ. Ол иһин дьон тымныыны тымныы диэбэккэ, сарсыарда 6 чаастан уочараттыыллара. Ол курдук 4 чаас уочараттаан баран, таах мэлийиэххин эмиэ сөп. Үлэһиттэр уоппускаҕа баран хааллахтарына, солбуйар киһи суох (уустук тест барыахтарын наада). Кирэдьиит биэрэр үлэһит суох буолан, Дьокуускайга көтөргө күһэллэҕин.
Бу улуустарга өрөбүл, бырааһынньык күннэригэр, суол-иис алдьанар кэмигэр харчы хамсаабат. Туттарга уу харчы суох буолан, бородуукталарын маҕаһыыҥҥа суруйтаран атыылаһаллар. Ыйга биирдэ, харчы кэллэҕинэ, иэстэрин төлөһөллөр. Онон технология сайдыбыт үйэтигэр харчылаах эрээри, кур иэстээх курдук олороллор.
Саха сиригэр барыта балтараа тыһыынча кэриҥэ банкомат баар. Биллэн турар, үксэ — куораттарга. Ол эрээри, оннооҕор Дьокуускайга “Сбербаан” банкоматтарыгар уһун уочараттар хотоҕостуу субуһаллар. Банкоматтар баар да буоллахтарына, сорохторо үлэлээбэккэ тураллар, эбэтэр харчыны ылбаттар. Манна, кыһалҕаны быһаарар биир суол баар – атын бааннар банкоматтарыттан бырыһыана суох харчы устар кыах биэрэллэрэ буоллар, уочарат үөскүө суох этэ. Холобур, “Газпромбаан” каартатынан “Алмаасэргиэнбаан”, “ВТБ24” банкоматтарыттан бырыһыана суох харчы устуохха сөп. “Сбербаан” итэҕэһэ итиннэ сытар. Атын банкоматтартан харчы устаргар кырата 100 солк. төлүүгүн.
“Сбербаан” салааларын 70-ча %-ра тыа сиригэр бааллар, кинилэртэн 90-ча %-ра ороскуоттаахтык үлэлииллэр. Хотугу улуустарга чааһынай харабыллыыр тэрилтэлэр суохтар, ол туспа кыһалҕаны үөскэтэр. Сибээс мөлтөҕүттэн, суукка кыра аҥарын устата бырагыраама систиэмэтин үлэтэ кэһиллэр, бытаарар. Баан үлэһиттэрэ суола-ииһэ суох ыраах нэһилиэктэргэ тиийэн харчы угаллара-ылаллара, банкоматы өрөмүөннүүллэрэ ыарахаттардаах. Онон саас-күһүн алдьаммат суоллаах, элбэх нэһилиэнньэлээх пуун буоларын ирдииллэр.
Офистары, терминаллары көрүү-истии ороскуота, куттала суох буолуутун хааччыйыы, инкассатордар үлэлэрин төлөбүрэ – бу барыта эбии үбү эрэйэр. Онуоха эбии тыа сиригэр сөптөөх дьиэ-уот суох.
Баан бэрэстэбиитэллэрэ этэллэринэн, өрөспүүбүлүкэ салалтата, улуустар баһылыктара эмиэ кыттыһыахтарын наада. Холобур, офис куортамыгар чэпчэтиилэри көрүү, харабыллааһыҥҥа ИДьМ үлэһиттэрин кыттыһыннарыы, интэриниэт сибээһин тупсарыы, о.д.а.
Кыһалҕаны хайдах туоратабыт?
Бу кыһалҕалары быһаарар туһуттан, Ил Дархан Егор Борисов“Сбербаан” тойоно Герман Грефтыын көрсөн турар. Быйыл “Сбербаан” Байкаллааҕы баанын бэрэссэдээтэлэ Александр Абрамкинныын көрсөн кэпсэппитэ.
“Сбербаан” 2001 сылга диэри дойду үрдүнэн барыта 79 регионнааҕы бааннаах эбит буоллаҕына, аҕыйатан, билигин 12 эрэ баар. Биһиги региоммутун Иркутскай уобалаһы, Забайкальены уонна Бурятияны Иркутскайга баар Байкаллааҕы бааҥҥа сыһыарбыттара.
Урукку сылларга “Сбербаан” нэһилиэктэргэ барыларыгар кэриэтэ каассалаах буоллаҕына, билигин суоҕун кэриэтэ, “барыһа суох” диэн сарбыйбыта ыраатта.
Биллэн турар, баан ханна нэһилиэнньэ ахсаана элбэх да онно талаһар. Банкоматтар сибээс үчүгэй, инкассация тиийэр сиригэр туруохтаахтар. Инкассация тиийбэт сиригэр анал харабыллары наймылаһаллар. Ити барыта эбии ороскуот.
Манна эбэн эттэххэ, бырабыыталыстыба “Почта бааны” кытары үлэлэһэн, үгүс сиргэ пууннарын аһыталаан эрэр. Оттон “Сбербаан” “Электронная деревня” диэн бырайыага тыа сирин нэһилиэктэрин баан өҥөтүнэн хааччыйар соруктаах этэ.
“Банкоматтары, терминаллары туруорарбытыгар нэһилиэк экэнэмиичэскэй сайдыытын бастакы уочарат көрөбүт. Ону сэргэ, “Сбербаан” үгүс каассата хаарбах дьиэлэргэ турар. Онон ханнык да нуормаҕа, быраабылаҕа кыайан эппиэттээбэттэр. Ол эрээри киэҥ сирдээх-уоттаах Саха сирин бүтүннүү хабар, өҥөлөрбүтүн тириэрдэр, хаҥатар сыаллаахпыт. Билигин “Сбербаан” отделениеларыгар үлэһиттэри элбэтэр барыйааны үөрэтэ сылдьабыт”, — диэн Александр Абрамкин көрсүһүү кэмигэр этэн турар.
“Сбербаан” Саха сиринээҕи сайтыгар киирэн хаһыстахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 126 салаалаах, 563 банкоматтаах диэн суруллубут. Ол иһигэр Дьокуускайга 17 салаалаах, 206 банкоматтаах эбит.
Эмиэ сайтарыгар киирэн көрдөххө, «Россельхозбаан” Дьокуускайга сүрүн офистаах уонна 14 улууска салаалардаах. Барыта 77, ол иһигэр Дьокуускайга 27 банкоматтаах. Баан пресс-киинэ иһитиннэрбитинэн, соторутааҕыта банкомат ахсаана эбиллибит. Ол курдук улуустарга элбэтэр үлэ ыытыллар эбит.
“Алмаасэргиэнбаан” Дьокуускайга 7 уонна 17 улууска салаалардаах, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Хабаровскайга, Владивостокка бэрэстэбиитэлистибэлээх. Барыта 153 банкомат үлэлиир.
60 кыраадыс тымныыга – таһырдьа уочарат
Ирина Цыренова, Өймөкөөн, Сордоҥноох:
— Мин бэйэм банкоматынан туттубаппын, биэнсийэбин харчынан ылабын. Оттон дьон Томторго киирэн усталлар. Кирэдьиити эҥин төлүүргэ онлайн-бааны туһанабыт. Сибээспит мөлтөх буолан, “вай-файы” холботторорго күһэллибитим. Дьон этэринэн, банкомат үлэтигэр кыһалҕалар бааллар. Сороҕор, анаан айаннаан тиийбиттэрин кэннэ, бырагыраамата алдьанан, эбэтэр харчыта бүтэн, кураанах төннөн, сарсыныгар эмиэ киирэргэ күһэллэллэр. Сороҕор киэһэ харчы укпатахтарыттан, 60 кыраадыс тымныыга дьон сарсыарда таһырдьа уочараттаан туралларын көрөөччүбүн.
Мария Неустроева, Сунтаар, Уһун Күөл:
— Биһиги “Мир” каартаҕа көспүппүт. Хамнаһым уонна биэнсийэм каартабар түһэр. Маҕаһыыммытыгар каартанан төлөбүрү ылаллар. Ол эрээри харчы устаары, ону-маны төлөөрү гыннахха, улуус киинигэр киириэххэ наада. 5 көстөөх сиргэ кэлэ-бара 700 солк. төлүүгүн. Онон кыра наадаҕа сылдьыбаккын. Сунтаарга, мин билэрбинэн, икки банкомат баар, өрүү да уочараттаах буолар.