Саха сирин улуустарыгар үгэскэ кубулуйбут баһылыктар отчуоттара саҕаланна. Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу, Далыр, Дүллүкү, Хоро нэһилиэктэригэр оройуон салайааччыта Владимир Поскачин сырытта. Дьон гаас, тыа хаһаайыстыбата, сибээс, үөрэх уонна мэдиссиинэ, Бүлүү өрүһү туоруур муоста туһунан кэпсэттилэр. Боотулууга Ростелеком сибээһин үлэтэ быстар мөлтөҕүн туһунан этилиннэ.
Маҥааска баһаарынай чаас дьиэтэ быһаарылла илигин, улуус бүддьүөтүттэн 2 мөлүйүөн 800 тыһыынча үп көрүлүннэҕинэ, бырагыраамаҕа киирсэн, 50 мөлүйүөн суумалаах таас баһаарынай ДЕПО тутуута саҕаланыахтааҕа этилиннэ. Маны сэргэ олохтоох балыыһа 2023 сылга бэдэрээлинэй бырагыраамаҕа киирэн, тутулларыгар эрэллээхтэр. Ол эрэн, фельдшердара суох буолан, туруорсуу үлэтэ күүскэ барар. Саҥа оҕо уһуйаанын холлоҕоһо тутуллан бүтэн турар. Тутуу түргэнник түмүктэнэрин туһугар РЭС өттүттэн уоту күүһүрдүү үлэтэ барарын кэтэһэллэрин эттилэр.
Мэйиккэ тыын кыһалҕалара – оскуола. Оскуола тутуутун бырайыага оҥоһуллан, экспертизаҕа барыахтааҕын билэллэр эрээри, үлэ хаамыыта бытаарыа диэн долгуйалларын биллэрбиттэр. Олохтоохтор маны сэргэ сайын ойуур баһаара турар түгэнигэр онтон-мантан суһаллык дьон көрдүү олорбот гына, 15-тии киһилээх мобильнай биригээдэ тэринэр наадалааҕын ыйбыттар.
Кырыкыйга культурнай-спортивнай комплекс тутуута бара турар, номнуо каркаһа туран, олохтоохтор сүргэлэрэ көтөҕүллэн олороллор. Нэһилиэнньэ ыт, баһаар, тыа хаһаайыстыбатын тула санааларын этиннилэр. Маны сэргэ төбөҕө бэриллэр 35 тыһыынча эрдэ бэриллэрэ буоллар, суол баарына наадалаахпытын ылынан кээһиэ этибит диэн санааларын үллэстибиттэр. Нэһилиэнньэ фельдшера суох хаалар балаһыанньаҕа киирэн олорор, фельдшердара атын сиргэ үлэлии баран эрэрин туһунан тоһоҕолоон эппиттэр.
Хомустаахха эмиэ культурнай-спортивнай комплекс тутуутугар докумуонугар үлэ-хамнас бара турарын кэпсээбиттэр. Маны сэргэ 9 кылаастаах ситэтэ суох оскуола кыараҕаһынан, сыһыары тутуу наадатын туһунан туруорсубуттар. Сыл ахсын үөрэнээччи ахсаана элбии турарынан, маҥнайгы кылааска 9 оҕо үөрэнэ сылдьар. Нэһилиэк күннэтэ сайдар, кэлиҥҥи сылларга 18 саҥа дьиэ тутуллубут.
Сургуулуктар оскуола, оҕо уһуйаанын тутуулара сытыытык турарын этиммиттэр. Оҥхойдор эмиэ оскуола, оҕо саад тутуутун туоһуласпыттар. Бырайыактарга үлэ бара турарын туһунан чуолкай харда ыллылар. Харбалаахха оҕо саадын уонна Бараахап аатынан түмэл тула кэпсэппиттэр. Ханнык баҕар нэһилиэккэ буоларын курдук, газ ситимэ, сыбаалка, Бүлүү өрүһү туоруур муоста тутуутун тула кэпсэтии барбыт.
Туобуйаҕа 37, Быракааҥҥа 45, Өргүөккэ 40 киһи отчуокка кэлбитэ бэлиэтэннэ. Туобуйалар порт былаһааккатын өрөмүөнүн, оскуола тутуутун, кулууп өрөмүөнүн, итиэннэ 4G күүстээх сибээһи туруорустулар. Сүрүн кыһалҕаларынан исписэлиистэр тиийбэттэрэ этиллибит. Ол курдук, быраас, медсестра, ветеринар, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, биэкэр, наадалар. Быракаан уонна Өргүөт нэһилиэктэригэр почталара сабыллан, улахан кыһалҕалаах олороллорун биллэрбиттэр, биэнсийэ, хаһыат ылыытыгар улахан ыарахаттары көрсүбүттэр. Өргүөттэр Олоҥхо ыһыаҕар күүскэ бэлэмнэнэ сылдьалларын кэпсээбиттэр, диэн иһитиннэрдэ дьаһалта пресс-сулууспата.
This post was published on 19.01.2022 13:02 13:02