СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — тыа хаһаайыстыбатын уонна ас политикатын миниистирэ Петр Алексеев иһитиннэрбитинэн, региоҥҥа саха боруодатын иитиинэн 11 улууска дьарыктаналлар – Аммаҕа, Намҥа, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Өймөкөөҥҥө, Сунтаарга, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Чурапчыга уонна Эбээн-Бытантайга.
«Билигин саха боруода сүөһүтэ сүтэр кутталлаах, төрүүр кыахтааҕа 666 эрэ төбө. Сүөһү сүппэтин наадатыгар бу сыыппара тыһыынчаттан тахса буолуохтаах», — диэтэ вице-премьер. Кини өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу боруода сүөһү ахсаана 1660 төбө хаалбытын тоһоҕолоон эттэ.
Саха ынахтарын сүтэрбэт сыалтан улуустарга питомниктар тэриллэллэр.
Биэс оннук питомник баар: Эбээн-Бытантайга, Аммаҕа, Намҥа уонна икки Горнайга. Балары «Сахаагроплем» судаарыстыбаннай тэрилтэ иилээн-саҕалаан үлэлэтэр. Салайааччы Василий Лукин кэпсээбитинэн, саха боруода сүөһүтүгэр улахан болҕомто ууруллар, буоһатар-ууһатар үлэ былаана ылыллыбыт.
Ааспыт сылга бу хайысхаҕа 5,7 мөл.солк. көрүллүбүт.
This post was published on 02.02.2018 09:24 09:24