Оттук сезонугар бэлэмнэрин туһунан докумуону бары муниципальнай тэриллиилэр туттулар. Маннык көрдөрүү аан бастакытын ситиһилиннэ, диэн суруйар ОДьКХуоЭ министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Тэҥнээн көрөр буоллахха, 2019 сылга 44 улуус ылбыта, 2018 сылга — 25, 2017 — 15, 2016 — 14, 2015 — 6.
Санатар эбит буоллахха, соругу тустаах миниистир Дмитрий Садовников туруорбута.
«Пандемиянан сибээстээн хааччахтыыр миэрэлэр ылыллыбыт уустук кэмҥэ коммунальнай хаһаайыстыбалар уонна муниципалитеттар күүстээх үлэни ыыттылар. Кыстыкка, оттукка бэлэмнэнии болдьоҕун кэмигэр түмүктэннэ. Махтанабын Ростехнадзор Ленскэйдээҕи управлениетыгар, өрөспүүбүлүкэ борокуратууратыгар уонна Роспотребнадзорга бииргэ үлэлээбиппитигэр», — диэтэ миниистир.
Кини бэлиэтээбитинэн, пааспардары ылыы — бу холкутуйуу буолбатах, салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ кыстыгы кыһалҕата суох туоруурга ситиһиилэргэ көҕүлүүр күүс биэриитэ.
Өрөмүөннэннэ 1 191 хочуолунай, 3 954,3 км ититэр ситим, 1 430,5 км уу ситимэ, 749 км канализационнай ситим, 29 544,1 км электроуоту биэрии линията, 144 ДЭС эрэһиим быһыытынан үлэлиир. Навигациянан — 545,2 тыһ туонна оттук уматыга тиэрдилиннэ.