Чурапчы улууһун «Саҥа олох» хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир дьаһаллар чэрчилэринэн алтынньы ый 15 күнүгэр «Улуус хаһыаттара уонна общественнай түмсүүлэр» диэн ааттаах төгүрүк остуол ыытыллынна. Төгүрүк остуолу Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытыгар министиэристибэтэ, Чурапчы улууһун дьаһалтата, Чурапчы улууһун общественнай сүбэлэрэ түмсэн тэрийбиттэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытыгар миниистирэ Сардана Гурьева, министиэристибэ сүрүннүүр специалиһа Виктория Пахомова уонна илин эҥэр хаһыаттарын эрэдээктэрдэрэ, коллективтара, улуус общественнай түмсүүлэрэ, социальнай хайысха тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыыны ыланнар тэрээһин таһыма олус үрдүк буолла.
Улуус дьаһалтатыттан баһылыгы социальнай боппуруоска солбуйааччы Октябрина Петрова, Улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, общественнай хамсааһыннары салайсар специалист Татьяна Бушкова төгүрүк остуол ыытыллыытын сүрүннэһэн кэпсэтии уонна дьүүллэһии киэҥник ыытыллынна, үлэҕэ ыйыылары, туруорсуулары олус таһымнаахтык эттилэр. Төгүрүк остуолга барыта 110 киһи кыттыыны ылла, ол иһигэр түөрт улуус редакциятларын коллективтара.
Чурапчы улууһун дьаһалтатын тутаах специалиһа Т.П.Бушкова тыл этэн хаһыат уонна общественнай түмсүүлэр үлэлэрэ биир хайысханан сүрүннэнэрэ олус көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Чуолаан арыгылааһыны утары охсуһууга, чөл олоҕү пропагандалааһыҥҥа, дьиэ кэргэн тутулун тулҕадыйбат сыаннастарын ыччакка иҥэриигэ улуус хаһыаттарын оруола улаханын, үлэтэ суолталааҕын ыйда. Салгыы социальнай харысхал салаатын салайааччыта Л.В.Тосукаева биһиги уопсастыбабытыгар көмөҕө, өйөбүлгэ наадыйар араҥа дьон олоҕо чэпчиирин туһугар үлэ тула болҕомтону тарта. Хоптоҕо нэһилиэгин «Патриоттар сойуустара» СО НКО салайааччыта С.Д.Старостина тыа сиригэр общественнай көҕүлээһини тэрийии уонна өйөөһүн боппуруостарыгар тохтоон сырдатыы оҥордо, кэккэ этиилэри киллэрэн төгүрүк остуол сүбэ сорудахтарын биллэрдик хаҥатта.
Салгыы эрэдээктэрдэр тыл этиилэригэр тохтуур буоллахха Чурапчы улууһуттан Афанасий Захаров, Амма улууһуттан Наталья Бубякина, Таттаттан Анна Посельская улуус хаһыаттарын общественнай үлэни тэрийэччи быһыытынан сырдатан аныгы кэмҥэ ураты соруктарын туһунан билиһиннэрдилэр, инникигэ торумнары арыйдылар. Ол курдук тыа сиригэр сахалыы хаһыаттар сырдатар эрэ буолбакка улахан иитэр, үөрэтэр, өйү-санааны хайысхалыыр, норуоту түмэр аналлаахтарын ыйдылар.
Министиэристибэ сүрүннүүр специалиһа В.Ю.Пахомова общественнай көҕүлээһиннэри өйөөһүн өрөспүүбүлүкэбитигэр хайдах тэриллэн ыытылла турарыгар тохтоон үлэни-хамнаһы сырдатта.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар Чурапчы улууһун уһун сылларга салайа сылдьыбыт, Өрөспүүбүлүкэ Ытык Сүбэтин чилиэнэ И.Н.Аммосов уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуодунай суруйааччыта С.А.Попов-Тумат төгүрүк остуол олус наадалаах тиэмэни таарыйан кэпсэтии таһаарыллыбытын, сүбэлэһии сорук быһыытынан ылыныллыбытын эттилэр.
Миниистир С.М.Гурьева түмүккэ киирбит этиилэри учуоттаан, туруорсуулары сүбэ докумуоҥҥа киллэрэн туран хаһыаттар уонна общественнай түмсүүлэр бииргэ үлэлээн сайдыы саҥа таһымын уһансалларыгар тыл эттэ. Мунньах түмүгүнэн кыттааччылар куоластаан төгүрүк остуол сүбэ сорудахтарын бигэргэттилэр.
This post was published on 18.10.2016 18:00 18:00