Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын субуоккатынан балаҕан ыйын 4 күнүн туругунан улуус бааһынай хаһаайыстыбылара 12129,5 тонна оту оттоон, быйылгы сезоннааҕы былааннарын 99,2 бырыһыан толорору ситистилэр.
Балаҕан ыйыгар үктэнэн, от хампаанньата түмүктэнэр түһүмэҕэр кэллэ. Дьэ былаан туолуута хайдах буолла, сыыппалара тугу кэпсииллэр? Тыа хаһаайыстыбатын управлениета таһаарар субуоккатыттан билистэххэ, улуус балаҕан ыйын 4 күнүн туругунан былаанын 93,9 бырыһыан толорон иһэр. Ол курдук бу күҥҥэ 26284,5 тонна от оттонно. Санатан эттэххэ, окко былаан 32239 тонна. Улуус бааһынай хаһаайыстыбалара кимиилээхтик оттоон былааннарын толороллоро олох субу буолла. Ол эбэтэр былаан 99,2 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэн бастыҥ көрдөрүүнү ситистилэр. Чааһынай да ыаллар хаалсыбаттар, 11064 тонна оттонон, былааннарын 97,3 бырыһыаҥҥа тириэртилэр. Онтон тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 7070 тонна оту кэбиһэн сезоннааҕы былаан 81,8 бырыһыан буолла.
„Отчуттар өссө бу балаҕан ыйа бүтүөр диэри оттуохтара. Хаһаайыстыбалар бары оттоон бүтэн эрэллэр. Улуус окко наадыйыыта 29000 тонна. Ону толору булуохпут“, — диэн улуус кылаабынай агронома Николай Гаврильев этэр.
Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат
This post was published on 04.09.2023 16:04 16:04