Улуус баһылыгын десана олохтоохтор махталларын ылар

Бу күн уолаттар сэттэ кырдьаҕас ыалга сылдьан мастарын-муустарын бэлэмнээн биэрдилэр. Киэһэ олохтоох ыччаты кытта волейболга күрэхтэстилэр.

Улуус баһылыгын десана мантан саас үлэтин тэтимирдиэ. Владислав Хабаров салайар этэрээтэ кыаммат, кырдьаҕас дьоҥҥо көмөлөһөргө нэһилиэктэртэн сайаапкалары ылар.

Манна даҕатан эттэххэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын десана быйыл иккис сылын үлэлиир.

This post was published on 10.02.2016 18:03 18:03