Улуу Тунах Ыһыаҕынан Ил Түмэн эҕэрдэтэ

Күндү Саха сирин олохтоохторо, ытыктабыллаах ыалдьыттар!


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) эһигини Улуу Тунах ыһыаҕынан эҕэрдэлиир!

Үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан 1991 сыллаахха Ыһыах Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан биллэриллибитэ. Ол кэмтэн ылата сылтан-сыл аайы өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит бэлиэ күммүт суолтата үрдээн, өйдөбүлэ кэҥээн, сиэрэ-туома ситэриллэн, чопчуланан иһэр.

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын иккис эргиирэ аан бастаан ыраах сытар хотугу түөлбэҕэ — ытык Дьааҥы сиригэр ыытыллыа. 2009 сыллаахтан Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы бэрээдэгэ – регламена бигэргэммитэ. Саха сирин тоҕус улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа буолла.

Улуу Тунах ыһыах сахалар сүдү баайбыт, киэн туттуубут буолан, омукпут уратытын бэлиэтиир, улуу олоҥхобутун, оһуохайбытын аар-саарга ааттататар. Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр, айгыр-силик айылҕабытын кытта алтыһар ытык-мааны күммүтүгэр норуоппут өйө-санаата түмүллэр, үс кута бөҕөргүүр, өрөгөй талаана арыллар. Дьон-сэргэ кыстыгы этэҥҥэ туораан, күөх дуолга үктэммитин уруйдаан, ирэ-хоро сэһэргэһэр, ийэ тылга, төрүт култуураҕа дириҥ ытыктабылын көрдөрөр. Манна сытар – ыһыах ис күүһэ, киэҥ биһирэбилэ. Үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрбитин кэлэр көлүөнэлэргэ бүөбэйдээн, харыстаан чөл тириэрдии — бу биһиги ытык иэспит.

Саха ыһыаҕа мэлдьитин ил-эйэ, доҕордоһуу туоната, түмсүү түһүлгэтэ буолан, омук быһыытынан олоххо тирэхтээхпитин, инникигэ эрэллээхпитин кэрэһилии турдун! Саха норуота эбиллэ, үксүү турдун, кыаҕа улаатан, күүһүрэн истин! Кэнчээри ыччаппыт ситиһиилээх, дьулуурдаах, инникигэ эрэллээх буоллун.

Күндү Саха сирин олохтоохторо, ытыктабыллаах ыалдьыттар! Ийэ айылҕабыт торҕо күөҕүнэн тупсан-киэркэйэн, бырааһынньык тыынын өрө көтөҕөр кэмигэр эһиэхэ хас биирдиигитигэр чөл туруктаах олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Сахабыт сирэ сайда, силигилии турдун, дьоммут-сэргэбит дьоллоох-тускулаах буоллун!

This post was published on 20.06.2016 13:07 13:07