Кулун тутар 26 күнүгэр Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов, «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэ дириэктэрэ Александр Артемьев, солбуйааччыта Василий Лукин уонна селекционер-зоотехник Степан Заровняев Улуу Сыһыыга баран кэллилэр. Улуу Сыһыы — Горнай улууһун Маҕарас бөһүөлэгин учаастага. Маҕарастан 120 км ыраах сытар, онтон Нам улууһун Таастаах нэһилиэгитэн — 27 км. Онон Улуу Сыһыыга Нам улууһунан эргийэн тиийэллэр.
Улуу Сыһыы ааттыын Улуу, ураты тыыннаах сир. Ыалдьыттар айылҕа кэрэ көстүүтүн, таҥара дьиэтин кэрэхсээтилэр, онтон Улуу Сыһыы олохтоохторун Никифоровтары биһирии, хайҕыы көрдүлэр. Маннык туруу дьон баар буолан сахалар төрүт дьарыкпыт сүппэт буоллаҕа.
Урут Улуу Сыһыы сиринэн Бүлүүлүүр суол аартыга барара. Бу сиринэн Бүлүү бөлөх дьоно-сэргэтэ Дьокуускайга кэлэрэ-барара. Манна 2000-тан тахса киһи олорбут. Ол туоһутунан 1895 сыллаахха тутуллубут Таҥара дьиэтэ уонна Николаевскай чочуобуна буолар.
1931 сыллаахха Горнай оройуонун тэрийэллэр, инньэ гынан, Бүлүүлүүр суол Горнай сиринэн оҥоһуллар. Онтон Улуу Сыһыы суола умнуллан, дьон-сэргэ көһөн киирэн барар: ким — Нам сиригэр, ким — Маҕараска.
Улуу Сыһыы аата иккис тыын ылан 1994 сыллаахха эргиллэн кэлэр. Ол курдук Эбээн Бытантай улууһуттан 77 төбө саха сүөһүтүн аҕалан, Улуу Сыһыыга олохтууллар. Дьэ, онтон ыла саха сүөһүтэ тэнийэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар тарҕаммыта. Бу сыллар усталарыгар, саха норуотун баайа сүппэтин туһугар үгүс киһи үлэлээн-хамсаан кэллэ. Кинилэр курдук бэриниилээх, сүрэхтэринэн-быардарынан ыалдьар дьон баар буолан, биһиги, сахалар, Омоҕой баай саҕаттан кэлбит сүөһүбүт тыыннаах. 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, барыта 2 583 төбө саха сүөһүтэ баар, ол иһиттэн ыанар ынаҕа – 1119. Онон Ил Дархан 2018 сыллаахха тахсыбыт Ыйааҕар туһаайыллыбыт соругу «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтэ, тирэх хаһаайыстыбалар уонна кэтэх хаһаайыстыбалар сыралаах үлэлэринэн толордулар,
— диэн Александр Атласов бэлиэтээтэ.
Сиһилии бу сигэни баттаан киирэн ааҕаргытыгар ыҥырабыт: https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3393061
This post was published on 28.03.2024 14:02 14:02