Улуу сэрии. Бөкүнэйгэ олохтоох Хоҥкуй Өлөксөй тоҕус уолуттан иккитэ эрэ эргиллибитэ

Филиппов Алексей Семенович — Хоҥкуй Өлөксөй 1874 сыллаахха Бэстээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэргэнэ Филиппова Марфа Николаевна 1878 сыллаах төрүөх. Филипповтар Бэстээх нэһилиэгэр Бөкүнэй диэн сиргэ олорбуттар. Күөллэйтэн Бөкүнэйгэ киириигэ хойукка диэри ампаара турар дииллэрэ. Бу Хоҥкуй Өлөксөй уолаттарыттан сэттэтэ: Уйбаан, Дайыыл, Оноҕой, Өлөксөй, Дьөгүөр, Чыычаах уонна Байбал сэриигэ өлбүттэрэ. Эргийэн кэлбиттэрэ Бүөтүркэ уонна Хахыр Аппанаас.


Филипповтар Бөкүнэйгэ олорон сүөһүлээх, муҥхалаах эбиттэрэ үһү. Хоҥкуй Өлөксөй Айанньыт Дьөгүөссэни кытта Дьиикимдэ эбэтигэр уонна Ньурбачаан сирдэригэр түгэх сааскы туоналааҕын муҥхатыгар бииргэ сылдьаннар элбэх балыгы хоторон таһааран дьону-сэргэни аһаталлар эбит. Өлөксөйдөөх бэйэлэрэ Захаровтар диэн араспаанньаламмыттар. Ити күөллэр үрдүнээҕи дьон бары Захаровтар диэн буолбуттар. Тоҕо диэтэххэ, Ахта Дьарааһын уола Захаров диэн киһи үөрэхтэнэн турбут. Онон саха үчүгэйгэ тардыһарынан Захаровтар курдук үөрэхтээх буолуохпут диэн Захаровтар диэн араспаанньаламмыттар. Хоҥкуй Өлөксөй эһэтэ Силип диэн. Кэргэнэ оҕолоро кыраларыгар өлбүтүн кэннэ уолаттарын кытта бэйэтэ олорон иитэлээбит. Иккистээн кэргэннэммэтэх.

Өлөксөй туох-баар сүөһүтүн холкуоска холбообутун кэннэ бэйэтигэр муҥхата эрэ хаалар. Онон туулаан, муҥхалаан, итиэннэ бурдук олордон, уолаттарын аһаталаан киһи-хара гынаттаабыт. Уонна киниттэн чугас Чан Чу Чу (1888-16.08.1951 сс.) кытайы кытта чугастыы олорбут буолан моркуоп, эриэппэ, луук, турунуопус олордон эбии аһылыктанар эбит. Уолаттар барахсаттар бары бөдөҥ дьон буола улааппыттар. Уолаттар Бөкүнэйтэн Арҕаа дэриэбинэҕэ баар оскуолаҕа бытарҕан тымныыга ыт сотуруолаах, үтүлүктээх, халтан сонунан 7 биэрэстэни хааман кэлэн үөрэнэллэрэ. Уҥуохтарынан ортону үрдүнэн, туох да көнө дьылыгырайбыт, турбут-олорбут, сытыы-хотуу, кыайыы-хотуу дьон буолбуттар.

Саамай көрүҥнэринэн да, киһи да быһыытынан ордуктара оччугуй уол – Байбал эбит. Кини санаатын хаһаана сылдьыбакка биир аҕатын курдук сирэйгэ малтаччы этэр, онтун сороҕор киһиэхэ сөбүлэппэт да буолар быһыылаах эбит.

Сэрии саҕаланарыгар Өлөксөй биир улахан уола Уйбаан кэргэннээх, сыллата икки кыыстаах уонна уоллаах кийиитин Настааны кытта олорбуттар. Кийиитэ Чуоппаан кыыһа. Чуоппаан диэн Дьиикимдэҕэ олорбут киһи. Бары сыллата кэриэтэ эбиттэр. Улахан уол – Сордоох, Дайыыла, Хахыр Аппанаас, Оноҕой, Бүөтүр, Дьөгүөр, Өлөксөй, Байбал, Чыычаах уонна Байбал. Кинилэр Бэстээх нэһилиэгин »Социализм суола» диэн холкуоһун чилиэннэрэ этилэр. Дьөгүөр «Молодой большевик» холкуостааҕа этэ.

1941 сыллаахха алдьархайдаах сэрии саҕаланар, ону мэҥэстэн сут-кураан дьыл кэлэр. Бу иннинэ Өлөксөй Дайыыл диэн уола саха ыччатын көмүскэ үлэлээҥ диэн Алдаҥҥа ыҥырыы буолбутугар онно баран хаалбыт. Ол сири »Эдэр тайҕа» диэн ааттыыллара.
1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр сэрии буолар. Балаҕан ыйыгар дьону сэриигэ хомуйуу саҕаланар. Дьон олоҕо онно аймаммыт. Үөһэттэн уот садаҕа түһэн киһини биирдэ тэбэн кээһэринии, тааҥка диэннэрэ бэйэтэ хааман лүһүгүрүү сылдьан, дьону илдьи кэһэн кээһэр диэн кэпсэтии бөҕөтө буолар. Ол сэриигэ барбыт киһи бүтүн кэлэрэ биллибэт, уот садаҕа курдуктар кэлэн түстэхтэринэ киһиттэн туох да ордубат диэн кэпсээн тарҕанар.

Балаҕан ыйыгар Хоҥкуй Өлөксөй сэттэ уолун биирдэ ньылбы тутан барбыттар үһү диэн сурах тилийэ сүүрбүтэ. Хахыр Аппанааһы эрэ ыарыһах диэн хаалларбыттар. Дьэ, сүрдээх суол истэргэ, биир дьиэттэн сэттэ лиҥкир уолу сэриигэ илдьэ бараллара диэн. Ол курдук сэриигэ илдьэллэр — кэргэннээх, 3 оҕолоох Уйбааны, Оноҕойу, Бүөтүрү, Байбалы, Өлөксөйү, Хабырыылы уонна Киргиэлэйи. Ол онно илдьэ барбыттарын кэннэ аҕалара муҥатыйыы бөҕөтө буолар. Аны уолаттар барааттарын кытта Алдантан телеграмма кэлэр. Дайыыл эмиэ армияҕа барда диэн. Инньэ гынан сэрии кэмигэр аҕыс уолун армияҕа илдьэ бараллар.

Арай Хахыр Аппанаас,  оҕонньор уонна үс оҕолоох Настаа эрэ хаалаллар. Эһиилигэр Аппанааһы эмиэ илдьэ бараллар. Кинини илиҥҥи дьоппуон сэриитин кэтэбилигэр 1943 с. сыппыт дииллэр этэ. Ол онтон даҕаны бэйэтэ куһаҕан доруобуйалаах киһи хайдах эргиллэн кэлбитэ буолла. Манна кэпсииллэр этэ үлүгэрдээх элбэх киһи ис дьаҥыгар ыалдьан өлбүтэ — астара куһаҕаныттан уонна хаһаармалара инчэҕэйиттэн, тымныытыттан. Сэрии, саа тыаһын истибэккэ эрэ.

Бу Хоҥкуй Өлөксөй уолаттарыттан – сэттэ уол, ол курдук Уйбаан, Дайыыл, Оноҕой, Өлөксөй, Дьөгүөр, Чыычаах уонна Байбал сэриигэ өлбүттэрэ. Эргийэн кэлбиттэрэ Бүөтүркэ уонна Хахыр Аппанаас эрэ этэ. Хахыр Аппанаас ол сэрииттэн эргийэн кэлэригэр киһи билбэтэ буолан дэлби ырдьаччы быстан кэлбитэ, олох уһаабатаҕа. Ойоҕо Этэгэй Маайа (Алексеева Мария Федотовна 1908 с.т.) ииппит кыыстарын Филиппова Валентина Афанасьевнаны соҕотоҕун иитэн, үөрэттэрэн Чаппандаҕа олорбуттара. Валентина Афанасьевна Чаппанда оскуолатыгар өр сылларга учууталынан, завуһунан үлэлээбитэ, билигин Сунтаарга Бордоҥ оскуолатыгар начальнай кылаас учууталынан үлэлиир, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, кэргэннээх, аймахтарын уоллаах кыыстарын иитэн, үөрэхтэтэлээн сиэннэрин көрөн олорор.

Бүөтүр кэлэн бу манна Кууллаах кыыһын ылан ыччаттаммыта – 2 кыыстаах уонна 4 уоллаах этэ. Онтукаларыттан билигин ыччаттара Дьокуускай куоракка олороллор. Дьэ, ити хойукку дылы Бэстээх сиригэр Дьиикимдэттэн чугас Куома сыһыытыгар эмиэ балаҕан дьиэ туттан онно оттууллара, кэлин онно 30-ча сыл оттообут сирдэригэр сэргэ туруорбуттар этэ. Бу улахан уолуттан Уйбаантан икки кыыс, уол хаалбыта. Кыыһа Акулина Чаппандаҕа араас күрэхтэһиилэргэ эҥин кыттара, тас көрүҥүнэн Байбалга маарынныыра. Уола өрө тура сылдьар куудара баттахтааҕа, үрдүгэ эмиэ 1 м. 80 см кэриҥэ этэ. Курбалдьыйбыт сытыы-хотуу баҕайытык тутта-хапта сылдьар уол этэ. Ол гынан баран кэргэннэнэн баран манна олорботоҕо Дьокуускай тыатыгар олохсуйбута. Ийэтин хойукка диэри баар дииллэрэ. Онтон Уйбаан улахан кыыһа Дьэлиэнэ Эҥиэнтэй диэн Бэстээх сылгыһыт уолугар кэргэн тахсан биир кыыстаммыттара. Саҥа ыал буолан олорон иһэн кыыстара кыратыгар иккиэн утуу-субуу эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Тулаайах хаалбыт кыыстарын Раяны Иннокентий ийэтэ Маайа кыра уолугар Нюргусов Егор Алексеевичка олорон ииппитэ. Эбэтэ өлбүтүн кэннэ Дьөгүөр кэргэнэ Петрова Татьяна Федоровналыын Раяны бэйэлэрин оҕолорун кытта тэҥҥэ ииппиттэрэ, үөрэхтээбиттэрэ. Раиса Иннокентьевна Дьокуускай куоракка олорор, икки уоллаах, үс кыыс биир уол сиэннээх. Онон 9 уоллаах Хоҥкуй Өлөксөйтөн Чаппанда диэн ааттаммыт сиргэ биир эрэ сиэнэ олорбута. Ити курдук биир ыалтан 7 уол сэриигэ өлөрө алдьархайдаах суол.

Ийэлэрин аатын өр сылларга көрдөөн булбакка сылдьан баран “Кыайыыны уһансыбыт ытык ийэлэр” кинигэҕэ көрөн суруйдум, ол гынан баран оҕолоро бары суруллубатахтар. Оҕолоро кыраларыгар өлбүт буолан, ол кэмҥэ ыаллар алаастарынан олорор буоланнар информаннар аатын билбэттэр этэ. Ол иһин өр сылларга ийэлэрин аата биллибэт буолан таһаартарбыт кинигэлэрбэр суруллубатаҕа. 2014 сыллаахха сиэн кийиитэ Захарова Айталина Афанасьевнаны СӨ Национальнай архыыпка дириэктэрдиирин саҕана көрсөн кэргэнин аҕатын (Захаров Петр Алексеевич) Хоҥкуй Өлөксөй уолаттарын ийэлэрин аатын буларга көмөлөһөрүгэр көрдөспүтүм. Айталина Афанасьевна буойун уолаттар ийэлэрин аатын булан, чуолкайдаан кинигэҕэ киллэрбитигэр биһиги улаханнык махтанабыт.

Билигин санаатахха, олус ыарахан элбэх оҕону төрөтөн, иитэн баран, эдэр сааһыгар суох буолан баран баччааҥҥа диэри аата биллибэккэ сылдьыбыта… Аҕыс уонус сылларга сэбиэккэ үлэлиирим саҕана сэрии туһунан кэпсэтии буолла да кырдьаҕастар Хоҥкуй Өлөксөйү сөҕөн кэпсээччилэр, олус көнө, үлэһит, уолаттарын соҕотоҕун иитэн, сахаҕа кыраһыабай, үрдүк, кыахтаах уолаттары ииппититтэн. Сэрии сылыгар уолаттарын хара суруктара кэлбитин кэннэ, 1898 сыллааҕы төрүөх Васильева Акулина Алексеевнаҕа 1942 с. Анатолий диэн уол оҕоломмута. Кырдьаҕастар Хоҥкуй Өлөксөйү көрөн төрөөбүт уол дииллэрэ. Өр сылларга сылгыһытынан, биригэдьииринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит Онотуол билэр эбит этэ. Олох салҕанар.

Хоҥкуй Өлөксөй сыдьааннара билигин араас идэлээх үлэһит дьон буолан сэрииттэн эргиллибэтэх аймахтарын олохторун салгыыллар. Хоҥкуй Өлөксөй, сиэннэрин Акулина, Филипп хаартыскаларын үлэ бэтэрээнэ, сэрии кыттыылааҕын оҕото, Акулиналыын бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Зоя Васильевна Егорова бэйэтин альбомуттан ылылынна.
1. Филиппов (Захаров) Иван Алексеевич (Сордоох) — Родился в 1898 г. в Бестяхском наслеге. Якут. Неграмотный. Член колхоза “Путь социализма”. Призван 1 сентября 1941 г. Нюрбинским РВК. Погиб. Место захоронения не установлено. Жена Филиппова Анастасия Алексеевна 1898 г. дети: Елена 1929 г.р., Акулина 1935 г.р., Филипп 15.06.1940 г.

2. Захаров Данил Алексеевич — Родился в 1911 г. Бестяхском наслеге. Якут. Малограмотный. Член колхоза “Путь социализма”. Призван 1 сентября 1941 г. Алданским РВК. Погиб. Место захоронения не установлено.

3. Филиппов (Захаров) Афанасий Алексеевич (Хакыр) Родился в 1912 г. в Бестяхском наслеге. Якут. Неграмотный. Член колхоза «Путь социализма». Призван 26 июня 1942 г. Нюрбинским РВК. Участник трудового фронта. Демобилизован по состоянию здоровья в 1943 г. Жена Алексеева Мария Федотовна 1908 г.р., воспитанная дочь Филиппова Валентина Афанасьевна

4. Захаров Гаврил Алексеевич (Оноҕой) — Родился в 1913 г. Бестяхском наслеге. Якут. Малограмотный. Член колхоза “Путь социализма”. Призван 1 сентября 1941 г. Нюрбинским РВК. Погиб. Место захоронения не установлено.

5. Захаров Петр Алексеевич — родился 15.05.1915 г. Якут. Окончил 7 кл. Работал лесообъездчиком лесхоза. Призван 1 сентября 1941 г. Нюрбинским РВК. Участник войны с фашистской Германией. Старший сержант 186 зсп., 49 сд. 43 А Калининского фронта, сапер, командир отделения. Принимал участие в освобождении Старой Руссы, Смоленска, Польши. Ранен в 04.1943 г. (ЭГ-2531, ЭГ-1890). Инвалид ВОВ. Демобилизован 23.09.1945 г. После войны работал завхозом Нюрбинской МТС, водителем РПК. Награжден орденом Отечественной войны 1 ст., медалями «За боевые заслуги», «За победу над Германией». Умер 15 декабря 1992 г.

6. Захаров Егор Алексеевич – родился в 1916 г. в Бестяхском наслеге, »Молодой большевик». Призван 1 сентября 1941 г. Нюрбинским РВК. Погиб. Место захоронения не установлено.

7. Захаров Алексей Алексеевич – родился в 1917 г. в Бестяхском наслеге. Якут. Малограмотный. Член колхоза “Путь социализма”. Призван 1 сентября 1941 г. Нюрбинским РВК. Погиб. Место захоронения не установлено.

8. Захаров Григорий Алексеевич – родился 1918 г. в Бестяхском наслеге »Путь социализма», призван Нюрбинским РВК Призван 1 сентября 1941 г. Погиб место захоронения не установлено.

9. Захаров Павел Алексеевич – Родился в 1919 г. в Бестяхском наслеге. Якут. Малограмотный. Член колхоза “Путь социализма”. Призван 1 сентября 1941 г. Нюрбинским РВК. Гв.рядовой 19 отд. лыжной бригады, в/ч ПП 16703. Погиб 7 февраля 1944 г. Захоронен в д.Доманкино Новосокольнического района Псковской области.

Хоҥкуй Өлөксөй туһунан сэрии кыттыылааҕа Елегяев Дмитрий Дмитриевич 1910 с.т., Мартынова Ирина Егоровна 1919 с.т., Захарова Мария Семеновна 1925 с.т, Мартынов Николай Николаевич 1934 с.т., Егорова Зоя Васильевна 1936 с.т., Нюргусов Егор Алексеевич 1934 с.т. ахтыыларыттан, уолаттара архыып матырыйаалларыттан чуолкайдаан, түмэн суруйдум.

Ааптар: Татьяна Дмитриевна Сидорова, Н.Т.Степанов аатынан фольклор-литература түмэлин салайааччыта. Тохсунньу 28 күнэ 2020 сыл, Чаппанда.

This post was published on 08.05.2020 15:02 15:02