Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Саха сиригэр 60 тэрээһин ыытыллыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирэ 2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөргө бэлэмнэнэр. Барыта 60 тэрээһин ыытыллара былааннанар. Бэтэрээннэргэ көмө, байыаннай-спортивнай оонньуулар, патриотическай аахсыйалар.

Өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин көрдөһүүтүнэн, Уһун үйэлэнии киинин тэрийэр сорук турар. Ол туһунан ЯСИА-ҕа социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эттэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойду улуу сэриитин 2227 бэтэрээнэ уонна кинилэргэ тэҥнээх категория олорор: сэрии 13 кыттыылааҕа; Ленинград блокадатын 11 олохтооҕо; сэрии кыттыылааҕын 261 огдообото; концлааҕыр 9 олохтооҕо; 1933 тыыл бэтэрээнэ. Сэрии оҕолорун статуһун 12 261 киһи ылла.

This post was published on 17.04.2024 15:08 15:08