11 Балаҕан ыйа 11.09
  • 12°
  • $ 91,11
  • 100,5

«Улуу киһи Багдарыын Сүлбэ» кинигэ сүрэхтэннэ

14:21, 03 октября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Улуустааҕы бибилэтиэкэ дьиэтигэр Ньурбачаан нэһилиэгин олохтооҕо Иванова Людмила Васильевна хомуйан, таҥан таһаарбыт «Улуу киһи Багдарыын Сүлбэ» диэн ааттаах кинигэтин презентацията бэрт сэргэхтик буолла, «Огни Нюрбы» хаһыат суруйар.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ Ньурба оройуонун дьаһалтатыттан Н.С.Петрова, Ньурбачаан нэһилиэгин баһылыга Семенова М.Н., култуура департаменыттан Иванова К.Д., бибилэтиэкэттэн Багмет А.В., Ньурбачааннааҕы «Түмсүү» кииниттэн Саввинова Т.С., «Уйгулаана» ырыа бөлөҕө, Ньурбатааҕы түмэл үлэһитэ Борисов Б.Б. уонна Иванова Л.В. аймахтара, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ кэлэн сылаас тыллардаах эҕэрдэлэрэ этилиннэ, элбэх сибэкки дьөрбөтө, бэлэх туттарылынна.

Бу кинигэни «Айар» кинигэ кыһата итиэннэ «Ньурба оройуона» МТ үбүлээбиттэр уонна 800 экземплярынан бэчээттэнэн тахсан, билигин «Айар» киоскаларыгар атыылана турар. Кэлбит ыалдьыттартан саамай аҕам саастаах дьон Бияков О. учууталын Багдарыын Сүлбэ аата өссө да ааттана туруоҕар баҕа санаатын тиэртэ.
Багдарыын Сүлбэҕэ аналлаах сквер уонна куорат биир эмит уулуссата кини аатын сүгүөн баҕарарын туһунан баҕа санаатын үллэһиннэ.

Онтон Тимофеев В.И. эмиэ бэрт элбэх историческай түгэннэри, ким хантан төрдүлээҕин, Ньурба дьонун төрүттэрин, өбүгэлэр туһунан кэпсээнин мустубут дьон сэҥээрэ иһиттибит. Презентация кэннэ Людмила Васильевна минньигэс астаах сандалыта ыалдьыттары маанылаата, уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла.

Өссө төгүл Людмила Васильевнаны сүҥкэн суолталаах үлэни оҥорбуккунан үөрэн туран эҕэрдэлиибит! Тус олоххор табыллыыны, эйэни, дьолу баҕарабыт! Айар талааныҥ өссө да арыллан иһиэхтин!
Бу тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт, көрбүт бар дьоммутугар махтанабыт!

«Түмсүү» култуура киинэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар