«Чунуобунньуктар эппиэтинэстэрин үрдэтэр сыалтан госсулууспалаахтар этикаларын Кодексын оннугар кытаанах ирдэбили туруорар атын докумуон оҥоһуллуон наада», — диэн бэлиэтээтэ СӨ Ил Дархана Егор Борисов олунньу 19 күнүгэр ыытыллыбыт хорруупсуйаны утары охсуһууга анаммыт мунньахха.
Хорруупсуйаны уонна атын да бэрээдэги кэһиини уодьуганныыр департамент салайааччыта Федор Борисов иһитиннэрэринэн, ааспыт сылга федеральнай, муниципальнай сулууспалаахтар, ону таһынан судаарыстыбаннай, муниципальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрин истэригэр барыта 171 буруй оҥоһуллубут, 111 киһи бэрээдэги кэһэн миэрэҕэ тардыллыбыт. Ол иһигэр 20 федеральнай госсулууспалаахтар 50, 16 РФ судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ 27, 21 СӨ судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ 22 буруйу оҥорбуттара тутуллубут.
Манна сыһыаран эттэххэ, кэнники биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ хорруупсуйаны утары охсуһууга араас үлэ ыытыллан, билигин регион госсулууспалаахтарыгар кытаанах усулуобуйа оҥоһулунна. Ол курдук, судаарыстыбаннай сакаастары барытын биир сиргэ түмэр сыалтан анал кэмитиэт тэриллибитэ. Ыспыраапкалары, докумуону ылыы «биир түннүк» систиэмэтинэн ыытыллар буолла. Онон чунуобунньук уу харчыны кытта үлэлэһэрэ, докумуон толотторуутун иһин бэрик ылар усулуобуйата төрдүттэн ылҕанна.
Ол оннугар билигин муниципальнай таһымҥа үгүс буруйу оҥоруу тахса турар. Өскөтүн былырыын 171 буруй оҥоһуллубут буоллаҕына, мантан 72-тэ муниципальнай таһымҥа. Силиэстийэлиир управление салайааччытын бастакы солбуйааччы Николай Алексеев далыкаатыттан иһиттэххэ, үгүс буруй муниципальнай сакааһы оҥорууга тахсар эбит. «Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба, доруобуйа харыстабылын, тыа хаһаайыстыбатын, тутуу эйгэлэригэр үгүс буруйу оҥоруу тахсар. Доруобуйа харыстабылыгар ыарахан сыаналаах тэрили, эми-тому ылыыга, үөрэх тэрилтэлэрин уонна спортивнай объектары тутууга, тыа хаһаайыстыбатыгар субсидияны биэриигэ кытаанах хонтуруол наада«, — диэн бэлиэтиир Николай Артурович.
Ил Дархан тутууну хонтуруоллааһын туһунан этэригэр: «Өрөспүүбүлүкэҕэ тутуллар улахан объектарга уопсастыбаннай бөлөхтө тэрийиэххэ. Тутуу норуот хонтуруолун аастаҕына эрэ олоххо киириэҕэ”, — диэн бэлиэтиир.
Манна даҕатан СӨ прокурора Анатолий Подласенко: «Сирэй салайааччылар үбүлээһин ханна, хайдах ороскуоттанарын билбэттэр. Үгүс кумааҕыга кинилэр солбуйааччылара эбэтэр атын дьон илии баттаабыт буолаллар. Онон улахан суумалаах докумуоннарга сирэй салайааччы бэйэтэ илии баттыахтаах», — диэн иһитиннэрэр кэпсэтии кэмигэр.
Егор Борисов РФ президенэ Владимир Путин аҕыйах хонуктааҕыта чунуобунньуктарга бирисээгэ киллэриитин туһунан эппитин холобурдаан туран, этика Кодексын оннугар судаарыстыбаннай сулууспалаахтар бирисээгэҕэ андаҕайыахтарын туһунан иһитиннэрдэ. Эбэн эттэххэ, бу бирисээгэни кэһии иһин үлэһит административнай эппиэтинэскэ тардыллар. Онон сиэр-майгы Кодексын оннугар кытаанах ирдэбил киирэрэ былааннанар.
Хорруупсуйаны утары охсуһууга өссө биир пуунунан Ил Дархан судаарыстыбаннай структураҕа чугас аймахтыылар биир эйгэҕэ үлэлиэ суохтаахтарын киллэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, аффилированнай структураҕа, ол эбэтэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр эйгэҕэ, аймахтыылар үлэлииллэрэ бобуллуохтаах. «Интэриэстэр мөккүһүүлэрин таһаарбат туһугар госсулууспаҕа биир эйгэҕэ аймахтыылар үлэлииллэрин суох оҥоруохтаахпыт. Ити үлэ Ил Дархантан саҕалаан барыларыгар сыһыаннаах», — диэн этэр түмүккэ Егор Афанасьевич.
This post was published on 22.02.2016 11:45 11:45