Бэҕэһээ от ыйын 20 күнүгэр Рослесхоз салайааччытын солбуйааччы Александр Агафонов ойуур баһаардарын умулуннарыыга биэс сөмөлүөт үлэлээбитин иһитиннэрдэ. «Лүөччүктэр снайпер курдук үлэлээн, баһаары төгүрүттүлэр», — диэтэ кини.
«БЕ-200 уонна Ил-76 сөмөлүөттэр Мииринэйгэ тураллар. Бүгүн икки БЕ-200 Сунтаар уонна Сүлдьүкээр баһаардарыгар үлэлиэхтэрэ. Икки Ил-76 сөмөлүөттэр – Сунтаарга», — диэтэ Александр Агафонов.
Кини өрөспүүбүлүкэ баһаардара уустуктарын ол эрэн хонтуруолланалларын эттэ. «Бэҕэһээ барыта биэс сөмөлүөт – үс МЧС БЕ-200 уонна икки Оборона министиэристибэтин Ил-76 сөмөлүөттэрэ үлэлээтилэр. Уот нэһилиэккэ суоһаабатын туһугар үлэни ыыттылар. Сунтаар улууһунааҕы 20, 30 тыһ га иэннээх сирдэргэ үлэлээтилэр. Оҥоһуу ардаҕы аҕалар сөмөлүөт эмиэ таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Аҕыс баһаарга ардах барбытын туһунан иһитиннэрии туттубут. Уоту салгыы сирдээҕи сулууспалар умулуннараллар», — диэтэ Агафонов.
This post was published on 21.07.2021 11:01 11:01