200 ат күүһүттэн таһынан кыамталаах мотуордаах массыыналарга нолуок икки төгүл үрдээтэ. Тустаах сокуону Ил Түмэн XXI-с уочараттаах мунньаҕар норуот дьокутааттара бэҕэһээ, сэтинньи 10 күнүгэр бүтэһик ааҕыыга ылыннылар.
Уларыйыы өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын 4,9%-гар сыһыаннаах. Массыыналар үгүстэрэ Дьокуускайга, Ленскэй, Мииринэй, Алдан, Нерюнгри улуустарыгар регистрациялаахтар.
Нолуок саҥа ставката эһиилгиттэн – 2021 сылтан саҕалаан олохтонуо. Ол аата үрдэтиллибит ставканан массыыналаахтар нолуоктарын 2022 сыл бүтүүтэ төлүөхтэрэ.
Норуот дьокутааттарын этиитинэн массыына тахсыбыт сылыттан көрөн дифференцированнай (тус туһунан) ставка олохтуур боппуруоһун 2021 сыл бастакы кыбаарталыгар көрүөхтэрэ.
Тырааныспар нолуогуттан Аартыка улуустарын олохтоохторо, инбэлииттэр, инбэлиит оҕолор сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ босхолоохтор.
This post was published on 11.11.2020 13:01 13:01