СӨ бастакы вице-премьерын э.т. Кирилл Бычков улуустар баһылыктарын кытта коронавируһунан сибээстээн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар боппуруостары дьүүллэстилэр.
Коронавирус пандемията дойду үрдүнэн, ол иһигэр Саха сиригэр, үлэтэ суох дьон ахсаана эбиллэригэр тириэртэ. Атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, 32,2 тыһ киһи үлэтэ суох статустаах, бу көрдөрүү былырыыҥҥы дьылы кытта тэҥнээн көрдөххө, 3,7 төгүл элбэх. Кирилл Бычков бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ уонна муниципалитеттар салалталарын иннигэр «Уһук Илиҥҥэ орто көрдөрүүттэн намыһах» көрдөрүүнү ситиһэр сорук турар.
«Президент 2021 сыл бүтүүтүгэр 2019 сыллааҕы көрдөрүүгэ тэҥниир туһунан сорудахтаата. Билигин биһиэхэ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун боппуруостарын быһаарыыга элбэх үлэ күүтэр, онно муниципалитеттар сүрүн оруолу ылаллар», – диэтэ вице-премьер э.т.
Үлэтэ суох буолуу кыһалҕалара ордук Мэҥэ Хаҥалас, Орто Халыма, Кэбээйи, Өлөөн улуустарыгар баар. Үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ ахсаанын 13% ылар. «Статистиканан уонна кэтээн эрэ көрүүнэн дьарыктаммакка, кимиилээх үлэни ыытыахха наада. Олох кыһарҕаныгар ыллартарбыт дьону үлэнэн хааччыйыыга кыахтары барытын туһаныахха», – диэтэ Кирилл Бычков.
This post was published on 01.09.2020 13:59 13:59