Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар чэпчэтиилээх кирэдьиит бырагырааматыгар киирсиэхтэрин сөп. РФ бырабыыталыстыбата бу сыалга 5 млрд солк анаата.
Санкциялар киирбиттэринэн, тыа хаһаайыстыбатын табаарын, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылары өйүүр миэрэлэри дойду салалтата ылар. Чэпчэтиилээх кирэдьиит бырагыраамата аграрийдарга сааскы үлэни кэмигэр ыыталларыгар көмө буолуон сөп.
Өскөтүн аграрий чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн эрдэ туһаммыт, болдьоҕо быйыл бүтэр буоллаҕына, ону 1 сылга уһатыан эбэтэр сыл аҥардааҕы «отсрочка» ылыан сөп.
Оттон саҥа тыа хаһаайыстыбатын техникатын ылааччыларга анаан эбии 10 млрд солк көрөргө салалта былаанныыр.
Улахан өйөбүлү бэкээринэлэр ылыахтара. Судаарыстыба ороскуоттарын чааһын сабыаҕа. Манна эбии миниистирдэр кабинеттара үүт салаатыгар эбии миэрэлэри көрүүнү бэлэмниир, суруйда #объясняемрф
Сыһыары тутан эттэххэ, 25-гэр диэри саастаах эдэр предпринимателлэр бэйэ дьыалатын тэриниилэригэр 100 — 500 тыһ солк диэри грант ылыахтарын сөп. Арктика зонатыгар үлэлэрин тэрийээччилэргэ бу суума 1 мөл солк диэри улаатыан сөп.
This post was published on 31.03.2022 15:01 15:01