Украинаҕа анал дьаһал кыттыылаахтарыгар "Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ" статус бэриллиэҕэ

Президент Владимир Путин федеральнайдааҕы сокуоҥҥа илии баттаата. Докумуоҥҥа этиллэринэн, Украинаҕа анал байыаннай дьаһалга кыттааччыларга бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ статус иҥэриллэр, суруйар «Парламентская газета».

Сенатордар уонна дьокутааттар бөлөхтөрүн сокуона кулун тутар 23 күнүгэр Федерация Сэбиэтин пленарнай мунньаҕар бигэргэннэ. Эрдэ докумуон Госдуумаҕа тута үс ааҕыыны ааспыта.

«Сокуон Донбаһы көмүскээһиҥҥэ анал дьаһалга кыттыбыт ИДьМ, куттал суох буолуутун федеральнайдааҕы сулууспатын, Росгвардия уонна да атын күүстэр структураларын сотрудниктарыгар бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ статуһу иҥэриэҕэ», — диэтэ сокуон бырайыагын биир ааптара, Федерация Сэбиэтин бастакы вице-спикерэ  Совета Федерации Андрей Турчак.

Көннөрүүлэри «Бэтэрээннэр тустарынан» сокуон сыһыарыытыгар киллэриэхтэрэ.

Сиһилии https://ysia.ru/uchastnikov-spetsoperatsii-na-ukraine-nadelyat-statusom-veteranov-boevyh-dejstvij/

This post was published on 28.03.2022 11:01 11:01