Икки күн устата «Триумф» спортивнай комплекска 17 боотур «Дыгын Оонньууларыгар» путевканы ылыы иһин киирсиилэрэ буолла. Вячеслав Дьяконов муҥутуур кыайыылаах аатын ылла.
Уйбаан Белолюбскай турнирыгар бэҕэһээ үс көрүҥҥэ күрэхтэспит буоллахтарына, бүгүн ох ытыыта, 400 м сүүрүү, хапсаҕай, таас көтөҕүүтэ буолла.
Түмүккэ «Дыгын Оонньууларыгар» 4 путевканы ыллылар: Вячеслав Дьяконов, Николай Матаннанов, Дьулустан Ноговицын, Артем Варданян.
Аныгыскы сүүмэрдиир түһүлгэ бу ый бүтүүтэ, муус устар 30 — ыам ыйын 5 күннэригэр буолуоҕа. Онно 5 путевка оонньонор.
«Дыгын Оонньуулара» Туймаада ыһыаҕын кэмигэр «Үс Хатыҥҥа» ыытыллыаҕа.
This post was published on 10.04.2022 22:12 22:12