«Удьуор Утум» - киһитийии эйгэтэ

Бары омукка өбүгэ үтүө үгэһин сөргүтэн, тилиннэрэн онно тирэҕирэн сайдыы суолталанна, күүһүрдэ. «Айыы Кыһата» оскуола үөрэҕин сүрүн сэһэнэ – ийэ өйгө баар өй-санаа ситимин уһугуннарыы – «киһини киһиэхэ, омугу омукка төнүннэрии» эбэтэр «саха саха буолуута».


Никитина Нюргуяна Гаврильевна,

педагогика билимин хандьыдаата, 

«Айыы Кыһата» национальнай гимназия

иитим үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

Мандар Уус этэринии «Олох – хамсааһын… Сымара таас курдук, сытан эрэ, үйэни моҥуохха сөп этэ да, тыыннаах олоххо ол табыллыбат, сатаммат: хамсааһына суох – Тыын киирбэт». «Айыы» уонна «Мандар» Кыһалара… Бу икки кыһа тумус дьоно Б.Ф. Неустроев — Мандар Уус уонна Лидия Петровна Шамаева биир тыынынан, өйүнэн-санаанан салайтаран саха оҕото сайдар эйгэтин тэрийэн үгүс көлүөнэ ыччат кутун-сүрүн уһугуннаран, киһилиигэ иитэн, айылгытын сайыннаран олох киэҥ аартыгар көтүттүлэр. Кыһа кыһалҕаларынан оҕо омук быһыытынан ураты майгытын, сахалыы тыынын, айылҕаттан бэриллиитин дьалкытыы, уһугуннарыы, ийэ айылҕалыын ситими тутуу, төрөөбүт түөлбэҕэ, тыа сирин олоҕор, өбүгэ төрүт дьарыгар уһуйуу, тулалыыр эйгэҕэ, олоххо үтүө сыһыаны үөскэтии, эт-хаан өттүнэн чэбдигирдии буолар. «Удьуор Утум» иһинэн оҕо сайдарыгар-үүнэригэр хайысхалаах  «Уус утума», «Куорат оҕото – тыа сиригэр»,  «Ытык сирдэринэн айан» кыттыгас бырайыактар, араас лиэксийэлэр, бэсиэдэлэр, «Мандар ааҕыылара» ыытыллан кэллилэр.

Бары омукка өбүгэ үтүө үгэһин сөргүтэн, тилиннэрэн онно тирэҕирэн сайдыы суолталанна, күүһүрдэ. «Айыы Кыһата» оскуола үөрэҕин сүрүн сэһэнэ – ийэ өйгө баар өй-санаа ситимин уһугуннарыы – «киһини киһиэхэ, омугу омукка төнүннэрии» эбэтэр «саха саха буолуута». Сүрүн санааны саҕааччылар Л.А. Афанасьев – ТэрисУ.А. Винокурова, К.И. Максимова – Сайыына, Г.С. Попова — Санаайа, В.Е. Степанова, А.С. Саввинов, Г.Г. ФилипповБ.Ф. Неустороев, Л.П. Шамаева, оскуола педколлектива, төрөппүт общественнай тэрилтэтэ уо д.а.

Айыы кыһата гимназия 2020-2021 үөрэх дьылыгар барыта 1614 оҕолоох. Онтон уола – 803, кыыһа – 811. Оҕо «Удьуор Утум» иһинэн дьарыкка тус баҕатынан, интэриэһинэн кыттыһан бэйэтин ис көҥүлүн ииттинэр, уол, кыыс быһыытынан уратытын баардыланар, ис айылгытын сайыннарар, билиитин-көрүүтүн хаҥатынар дьарыктара манныктар:

Эти-сиини чэбдигирдии дьарыктара: Саха төрүт оонньуулара (атах оонньуулара); остуол оонньуулара; «Сандал» саха үҥкүү ансаамбыла; Чэгиэн (сахалыы кроссфит); Эр хоһуун (уол оҕону иитиигэ байыаннай-патриотический кулууп*).

Өй-санаа, сиэр-майгы дьарыктара: Бэйэни сайыннарыы. Сүө; «Дьиэрэй» фольклор ансаамбыла*; Саха тылыгар, литэрэтиирэтигэр үөрэх экскурсиялара; «Айыы-Медиа»; Ийэ тыл (Олоҥхо); «Сүмэ» төрөөбүт тыл куруһуога; «Сайдам» драматическай ааҕыы; Сэргэ тула сэһэн.

Олоҥхо, остуоруйа, таабырын, үгэ, өс хоһооно, чабырҕах, ырыа-тойук, оһуохай дьарыгар оҕо ийэ тылын тэтимин истэн, ылынан, саҥаран улаатара, үгэһин билэн, ытыктаан сайдара аан дойду эйгэтигэр тахсарыгар, дьон-сэргэ ортотугар өйдөһөн, ытыктаһан, тэҥник сыһыаннаһан, ситимнэһэн сайдарыгар тирэх буолар. Бу дьарыкка кыттыһан оҕо өбүгэ үөрүйэҕин аныгыны кытта дьүөрэлээн быһыыны, сиэри-майгыны, идэни иҥэринэр.

Олоххо сатабыллаах буолуу дьарыктара: «Ааҕар Айыы Кыһата»; “Тропинка к своему Я” (Бэйэни иһиллэнии); «Дойду тыынын инэрии айан-дьарыктар»; Иис (кылтан, сиэлтэн), Уус кыһата; Саха КВН; Түмэн үөрэҕэ; Сатабыл «Саха мындыр толкуйа». Оҕо омук  айар үгэһигэр уһуйуллар.

Оҕо өбүгэ төрүт дьарыгар кыттыһар ньымата. “Киһи сатыырын киһи сатыахтаах”, “Саха сатаабата диэн суох”, “Киһи киһиттэн үөрэнэр”, “Саха тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ астынар” диэн саха өһүн хоһоонноро этэллэринии оҕо уус эйгэтигэр, уус кыһатыгар дьарыктара ураты тыыннаахтар. Айылҕаттан дьоҕурдаах уус дьону кытта сэһэргэһии, алтыһыы, дьарыктаныы ис хоһооно ураты.

«Дойду тыынын инэрии айан-дьарыкка» оҕо сатабыла, оҥорон таһаарара:  маршрутнай картаны оҥоруу, былааннааһын, ырытыһыы; айан күннүгүн толоруу; олохтоохторго ыйытынньык толотторуу; олохтоох дьаһалтаҕа сылдьыы, нэһилиэк статдааннайын ылыы; айылҕаттан дьоҕурдаах, идэлээх (уус, олоҥхоһут, суруйааччы уо д.а.) дьону кытта көрсөн кэпсэтии, сэһэргэһии; анал литератураны, уус-уран айымньыны ааҕыы; библиотекаҕа баар олохтоох литэрэтиирэни үөрэтии; олохтоох түмэл матырыйаалын көрүү, үөрэтии; иһитиннэрии, ыстатыйа, дакылаат, реферат суруйуу, бырайыак оҥоруу, көмүскээһин (презентация); конкурс, викторина матырыйаалларын, буклет, кинигэ оҥоруу.

«Уус кыһата. Сатабыл «Саха мындыр толкуйа» дьарыкка оҕо сатабыла, оҥорон таһаарара: быһах охсуу, балыктааһын, оттооһун, эмтээх оту, сир аһын хомуйуу, төрүт аһы астааһын ньымаларын баһылааһын буолар. Айылҕаттан айдарыылаах, дьоҕурдаах дьон оҕоҕо дьайыылара ураты. Кини илиитин иминэн, өйүнэн-санаатынан, айыылартан аналын толоро сылдьар дьарыгар, дьарыгын тэтимигэр, туругар киллэрэн оҕону кэрэхсэтэр, умсугутар, иһигэр баарын дьалкытан өрө тардан таһаарар, эрэли үөскэтэр.

Интеллектуальнай өй дьарыктара: Логика, робототехника, лего-конструирование; Математика, физика, информатика; Биология, химия, география; Нуучча, аангылыйа, кытай тыла, литэрэтиирэтэ;  Киһи уонна история, киһи уонна сокуон; Аан дойду култуурата, култууралар алтыһыылара; Чинчийии, бырайыктааһын.

Култуурунай сайдыы дьарыктара: «Дьири-дьир», «Art — вокал» вокальнай-инструментальнай студиялар; «Ийэ тыл умсулҕана»;  «Палитра» уруһуй куруһуога *; «Уран» студия.

«Удьуор утум» дьарыгар уруккуну уонна аныгыны күннээҕи олоххо холбуу баайан сайыннарыы, урут баартан, эргэттэн саҥаны оҥорон таһаарыы буолар. Үөрэтии ис хоһооно, иитэр-үөрэтэр үлэ методиката, ньымата, технологията, албаһа оҕо тылын, өйүн-санаатын, олоххо муудараһын, сатабылын бэйэтин иһигэр тилиннэриигэ тускуланар. Удьуор утум эйгэтэ — бу оҕо бэйэтин бэйэтэ дьарыктыыр, сайыннарар, «Мин киһи буолан…»  бэйэбин салайынабын, сайыннарабын диэн тускуга киллэрэр. Дьарык оҕо  баҕатынан, интэриэһинэн, көҕүнэн, аныгы тэрил көмөтүнэн тэриллэр.

Айыы киһитэ айыы суолун тутустаҕына көҥүлүн ылан иһэр. Өбүгэттэн кэлбит төрүт өй-санаа ситимигэр киирэн дьайыыга, бэйэтин кытта дьарыкка киирдэҕинэ ис кыаҕын арынар, бэйэтин күрүөлэнэр, ис көҥүллэнэр. Бу дьарыктарга кыттыһан оҕо бэйэтин уратытын билинэн, айыы уотун уматан, олоҕун эркээйитин оҥостор, айар-тутар куттаах Айыы Киһитэ буоларыгар, ситиһиилээх киһи таһымыгар тахсыытыгар усулуобуйа тэриллэр.

Дьарык соруктара:

  • оҕо дьарык эйгэтигэр кыттыһан социальнай-культурнай уопуту ылынар, иҥэринэр хайысхаларын быһаарыы, үөрэх технологиятын тобулуу. Айылҕа тэтимигэр дьүөрэ, саха төрүт эйгэтигэр (төрүт дьарык баар сиригэр) көҥүл тыыннаах дьарыктары тэрийии. “Дьайыы, кыттыһыы, боруобаланыы” (социальная проба) таһымыгар дьарык тутулун, ис хоһоонун, ньыматын тобулуу;
  • дьарык программатын оҥоруу, экспериментальнай үлэни тэрийии;
  • дьарык көдьүүһүн көрдөрөр педагогическай мониториҥы ыытыы, ол эбэтэр айымньылаах дьарык, дьайыы нөҥүө оҕо бэйэтин төһө “өрө тардынарын”, бэйэҕэ эргиллэн тус бэйэни арынарын кэтээн көрүү;
  • оҕо бэйэтин үөрэтэр чинчийээччи буолан, үөрэнэр дьарыгын сатаан тэрийэр, сатаан алтыһар, бэйэтин сатаан  салайынар, алтыhыыга киирэр, уопсай тылы булар, олох ханнык баҕарар түгэнигэр сөптөөх сыһыаны тутуһар буоларын ситиһии.
  • Көҥүл тыыннаах дьарык тиһигэр оҕо бэйэтин ис кыаҕын уһугуннарар, оҕо бэйэтин бэйэтэ үөрэтэр үөрэнээччи буолар, оҕо киһи быһыытынан ситэр-хотор, айар-тутар кыаҕа күүһүрэр, кыаҕар эрэллээх буолар. Уһуйаан оҕо бэйэтигэр эргиллэн ийэ өй-санаа ситимигэр биһиктэнэн уйаланан мындыр уус өйгө уһуйуллар, төрөөбүт төрүт эйгэтэ буолар.

Дьарык бириинсиптэрэ:

  • айылҕа тэтимин, күн-дьыл, үгэс эргиирин дьүөрэлээһин;
  • төрүт өй-санаа, дьарык олохсуйбут сиригэр-уотугар идэлээх дьоннуун дьарыкка алтыһыы;
  • көҥүл тыыннаах дьарыгы “мин бэйэбин олох-дьаһах үөрүйэхтэригэр боруобаланабын, холонон көрөбүн” диэн санаанан тэрийии;
  • оҕо сааһынан сайдыытын, омук быһыытынан уратытын, аналын (кыыс, уол) учуоттааһын;
  • кылаастан кылааска дьарык көрүҥэ, ис хоһооно кэҥээн иһиитин көрүү;
  • бэйэҕэ эргиллии ньымаларын туһаныы.

Көҥүл тыыннаах дьарык тэриллиитэ. Оҕо өбүгэ төрүт үгэһин, сиэрин-туомун, олоҕун-дьаһаҕын ылыныытын (освоение этнокультурного наследия) үс түһүмэххэ араарыахха сөп: маҥнайгы түһүмэх — үөрүү, сэҥээрии, интэриэс таһымыгар ылыныыта; иккис түһүмэх — ис хоһоонун өйдөөн, ырытан  ылыныыта (переход от эмоционально-образного усвоения информации к понятийно-смысловому); үһүс түһүмэх – оҕо тус бэйэтин айымньылаах айар дьарыгынан кыттыһан төрүт өйдөбүл суолтатын, ис хоһоонун дириҥээн өйдөөһүнэ (более глубокое понимание смысла и содержания этнической культуры).

Оҕо бэйэтин кыаҕар эрэнэн айар, чинчийэр үлэтэ. Мин сөбүлээн, интэриэһиргээн талбыт хайысхам. Тоҕо бу хайысханы таллым? Тугу чинчийиэххэ сөбүй? Тоҕо чинчийэбин? Чинчийэр үлэ түмүктээх буоларын туһуттан оҕо эрдэттэн чинчийэр тиэмэтин чопчулуохтаах, тугу кэтээн көрөрүн билиэхтээх, проблеманы таба туруоруохтаах. Хас биирдии үөрэнээччи тус интэриэһин, баҕатын учуоттуур чинчийэр үлэ көдьүүһүн үрдэтэр.

Чинчийэр үлэ түмүгүнэн үөрэнээччи иһитиннэрии, ыстатыйа, дакылаат, реферат суруйан, бырайыак, презентация оҥорон научнай-практическай конференцияларга кыттыан сөп. Улахан кылаас оҕолоро өбүгэ төрүт билиитин, үөрэҕин илиҥҥи, арҕааҥҥы философскай көрүүнү кытта тэҥнээн, алтыһыннаран көрүөхтэрин сөп. Оҕолор сыраларын ууран, дьаныардаахтык үлэлээбит үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээх буолуохтаах. Оҕолор хомуйбут информацияларын сааһылаан, чөкөтөн, бэчээттээн, сөптөөхтүк харайан иһиллиэхтээх.

«Удьуор Утум» уонна дьиэ кэргэн. Дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүт оҕону кытта айымньылаах дьарыгын, күөн-күрэҕи, «Биһирэм кэпсэтиини» тэрийэн ыытыы оскуола үтүө  үгэһэ. Дьиэ кэргэн дьарыга сынньаныы, алтыһыы, дьиэ кэргэн күөн-күрэҕэ, айымньылаах үлэ, кинигэ ааҕыыта, челлендж о д.а. үлэ көрүҥэ үгүс.

«Айыы кыһата» оскуолаҕа республика оскуолаларын алын сүһүөҕүн оҕолоругар уонна төрөппүттэригэр «Удьуор утум» дьиэ кэргэн метапредметнэй олимпиадатын (күөн-күрэх) көҕүлээччи, тэрийээччи. Үгэскэ кубулуйбут күөн – күрэх сүрүн соруктарынан оҕо уонна төрөппүт алтыhар түгэнин үөскэтии, оҕо үөрэтэр предметин нөҥүө удьуорунан бэриллибит дьоҕурун таба тайанарыгар, салгыы бэйэтин сатабылын сайыннарарыгар усулуобуйаны тэрийии буолар. Күрэххэ оскуола аайытан 2-с, 3-с, 4-с кылаастартан биирдии дьиэ кэргэн хамаандата (оҕо уонна төрөппүт) кыттыыны ылаллар. Сорудахтара 4 сүрүн предмеккэ олоҕуран оҥоhуллар (ахсаан, нуучча тыла, саха тыла, тулалыыр эйгэ).

Олоххо-дьаһахха, үлэҕэ, сиэргэ-майгыга, итэҕэл үгэһэгэр хайысхалаан оҕолорго, төрөппүттэргэ биһирэм кэпсэтиини тэрийэн саҕалааһын баар. «Биһирэм кэпсэтии» оҕо кута-сүрэ бөҕөх буоларыгар бүччүм, иһирэх кэпсэтии кылаас чааһын, оттон төрөппүттэргэ анал тиэмэҕэ сэһэргэһии быһыытынан тэриллэр. Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа бүөмчү санаалара: оҕо олох кэрэтин, үлэ суолтатын, майгы-сигили кэрэмэһин иҥэринэн бэйэтин аналын билинэрэ; ийэни-аҕаны солбуйуу, дьиэни-уоту, сүөһүнү-аһы салгыы сайыннарыы; удьуору утумнааһын, омугу туругурдуу. Орто дойдуга олох олоро кэлбит аналы ылыныы, ону толорорго дьулуһуу.

Оҕо, төрөппүт, учуутал «Удьуор Утум» эйгэҕэ кыттыһан киһи буолан…

  • Тулалыыр олоҕу хайдах баарынан холкутук ылынар. Биллибэккэ, саҥаҕа дьулуһар;
  • Бэйэтин да, атын дьону да үтүө-мөкү өрүттэрин дьүөрэлээн толору ылынар, өйдүүр; куһаҕан быһыыны утарар, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорбот;
  • Майгыта судургу, кэтэх санаата суох, үгэһи тутуһар, ол эрээри сорох түгэҥҥэ сымнатан сыһыаннаһыан сөп;
  • Үлэҕэ-хамнаска бигэтик ылсар. Үлэтин, аналлаах идэтин кэскилин өйдөөн кыһаллан толорор.
  • Соҕотохсуйары сөбүлүүр. Кини итинэн олох охсууларын чуумпутук бэйэтэ эрэ аһарынар, оһорунар;
  • Тулалыыр дьонтон туспа көрүүлээх, тутулуга суох;
  • Урукку биллэргэ саҥаны булан көрөр дьоҕурдаах;
  • Олоҕун хайа да түгэнигэр-чыпчылҕаныгар киһи аймаҕы кытта ситимнээҕин быспат, умнубат;
  • Дьону кытта өһүөннээх сыһыаҥҥа тиийбэт;
  • Дьоҥҥо боростуой майгылаах, атын киһиттэн үөрэнэр дьоҕура сайдыбыт;
  • Үтүөнү-мөкүнү кыраҕытык араарар, сиэрэ-майгыта ыраас, айыылыы;
  • Олоххо уонна бэйэтигэр көр-күлүү дэгэттээхтик тэгэлитэн сыһыаннаһар.
  • Ханнык да үлэҕэ-дьарыкка саҥаны булан көрөр, тобулар, айымньылаахтык уларытар-креативнай.

Түмүктээн эттэххэ, «Удьуор Утум» эйгэ оҕо айар-тутар куттаах көҥүл айыы киһитэ буоларыгар тускуну салайсар.

This post was published on 19.02.2021 11:06 11:06