Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымаҕар Удмуртияттан мүөттээх ыҥырыалар кэлиэхтэрэ. Саха сиринээҕи мүөт оҥорооччулар кииннэрин бырайыактарын чэрчитинэн билигин бырааттыы Сапаевтар харамайдар айаннарын бэлэмнииллэр.
ыҥырыалар бэс ыйын бүтүүтэ кэлиэхтэрэ. Николай Сапаев бэлиэтээбитинэн, ыҥырыалар уйаларыгар салгына үчүгэй буолуохтаах. Маны сэргэ, айаны этэҥҥэ атааралларыгар уу бэриллиэхтээх.
Саҥа сиргэ адаптация ааһаллара эмиэ сөптөөх көрүүттэн-истииттэн олус тутулуктаах. Профессионал мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр хамаандалара, Удмуртияттан Саха сиригэр харамайдар үчүгэйдик айаннаан кэлэллэригэр, үлэни барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ оҥорор. Өрөспүүбүлүкэлэр ардылара 3000 километр.
Мэҥэ Хаҥаластааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайаачыта Иннокентий Семенов эрдэ эппитинэн, ыҥырыа пакетыгар 80 сайаапка түспүт. Инвестицияны тардыыга агентство салайааччыта Анна Стручкова этэринэн, мүөттээх ыҥырыаны иитии Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга көрдөрүү улаатарыгар уонна экосистиэмэни бүтүн оҥорууга биллэрдик сабыдыаллыаҕа. «Бырайыак инициатора Людмила Николаева мүөттээх ыҥырыаны иитии Саха сирин баай айылҕатын кыаҕыгар тирэҕирэн сайдыан сөп, саамай сүрүнэ — дьиэ кэргэммит уонна чугас дьоммут доруобай буолалларыгар улахан сабыдыаллаах», — диэтэ кини.