Удмуртия экспертэрэ Мүөт оҥорор киин үлэтин өйөөтүлэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын иһинэн Олох уйгутун тупсарыы уонна бигэтик, туруктаахтык сайдыы сүбэтин чилиэнэ Людмила Николаева иилээбит-саҕалаабыт итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестицияны тардар, экспорты өйүүр агентствота уонна «Туймаада» агрохолдинг кыттыылаах Мүөтү оҥоруу киинин тэрийии үлэтэ салҕанар, бу туһунан Эркээйи суруйар.

Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улуустарын олохтоохторо мүөттээх ыҥырыаны иитии курдук саҥа хайысхаҕа ылсыбыттарын өйүүр сыалтан тыа хаһаайыстыбатын Арассыыйа регионнарыттан бу салааҕа экспердэри, идэлээх дьону аҕалан, кинилэр билиилэрин нэһилиэнньэ ортотугар тарҕатыы үлэтин бастакынан Удмуртия Өрөспүүбүлүкэтиттэн бырааттыы Сапаевтар өйөөтүлэр.

Бу күннэргэ исписэлиистэр Николай уонна Александр Сапаевтар бу икки улууска үлэлээтилэр. Удмуртия сыллата 500 тонна үрдүк хаачыстыбалаах мүөтү оҥорон дойду ырыынагар уонна кыраныысса таһыгар да таһаарар. Бырааттылар кыра дэриэбинэҕэ олороллор, 100 улейдаах хаһаайыстыбалаахтар. Региоҥҥа «Агростартап» бырагыраамманан 3 мөл. суумалаах грант ыланнар, кинилэр мүөттэрэ билигин экспортка барар.

Онон Николай уонна Александр Сапаевтар кэлэллэрин мэҥэ хаҥаластар уонна аммалар сүрдээҕин күүппүттэрэ. Экспердэр Благовещенскай куораттан кэлбит улейдары, мүөттээх ыҥырыалары, хаһаайыстыбаҕа анал туттуттал малы-салы сиһилии көрдүлэр, сыаналаатылар. Саамай сүрүнэ, олохтоохтору кытары билсистилэр, бары ыйытыыларга сиһилии хоруйдаатылар, элбэҕи көрдөрөн, ыйан-кэрдэн биэрдилэр. Ол курдук ыҥырыа арааһа элбэҕин, табыгастаах усулуобуйа хайдах буолуохтааҕын, элбэх бородууксуйаны оҥорон таһаарарга ханнык сүрүн ирдэбиллэр баалларын, Саха сирин уһун кыһыныгар ханна кыстатары – экспердэри ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьан бука барытын туоһулаһан, барыта наадалааҕы, туһалааҕы истэн биллилэр.

Мүөттээх ыҥырыаны иитиигэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үгүс ымпыгы-чымпыгы билэр дьон, Сапаевтар, этэллэринэн, Саха сирин ураты айылҕатыгар хомуллубут мүөт хаачыстыбата да үрдүк буолара саарбахтаммат: «Хотугу сир кылгас сайыныгар үүнээйигит арааһа, киэҥ нэлэмэн алаастаргыт, ходуһаларгыт, ойуургут – бу барыта мүөтү оҥорууга бэрт табыгастаах диэн көрдүбүт. Салаа сайдыытыгар усулуобуйа баар. Уонна тыа хаһаайыстыбатын аныгылыы сайдыытын кытары мүөттээх ыҥырыаны иитии дьүөрэлэһэр диэн этиэххэ наада. Онон, биһиги тыа сирин олохтоохторугар сүбэлээн-амалаан, кыахпыт тиийэринэн үөрэтиэхпит. Дьарыктаныан баҕалаах дьон тохтообокко, былааннаахтык уонна ситимнээхтик иннин хоту баран иһиҥ. Мүөттээх ыҥырыа – тыынар тыыннаах. Онон болҕомтолоох сыһыаны, элбэх билиини ирдиир».

«Мэҥэ Хаҥалас улууһа (оройуона)» МТ дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын начальнига Иннокентий Семенов бэлиэтииринэн, быйыл улууска мүөттээх ыҥырыаны иитэр дьон ахсаана икки төгүл үрдээтэ. Ыҥырыаны иитэргэ саастаах да, эдэр да дьон ылсыахтарын сөп буолан, бу саҥа хайысханан элбэх киһи дьарыктанар кыахтаах. Онуоха идэлээх дьон, профессионаллар, өйөбүллэрэ бастатан туран наада диир Иннокентий Егорович: «Мүөт оҥоруутугар биһиги опыппыт суоҕун кэриэтэ. Бу хайысха уратытын, кистэлэҥнэрин да, туох уустуктар баалларын билэ-көрө сатыыр кэммит билигин. Онон Удмуртияттан бу Сапаевтар биһигини кытары тэбис-тэҥҥэ сылдьан, барытын кэпсээн, көрдөрөн биэрбиттэриттэн дьон астынна. Бэйэлэрэ да ыҥырыаларын кытары бодьуустаһартан илиилэрин араарбат үлэһит дьон, анаан-минээн кэлэн, ирэ-хоро үөрэппиттэригэр махтал уонна эбиитин икки өттүттэн сибээспитин олох быспаппытыгар кэпсэттибит».

Людмила Николаева этэринэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр, тыа сиригэр, ураты дьоҕурдаах, үлэлиэх-хамсыах баҕалаах дьоҥҥо баар аныгы кыахтары, технологиялары чугаһатан, кэскиллээх өттүн тэниттэххэ, хайаан да үтүө түмүктэр кэлиэхтэрэ: «Мүөттээх ыҥырыаны иитии биир үчүгэй өрүтэ диэн, оҥорон таһаарыыга, астааһыҥҥа аныгы ньымалары хото туһаныахха сөп. Онон аныгы технология диир буоллахха, хаһаайыстыбаны көрүүгэ-харайыыга эмиэ ураты, табыгастаах ситими олохтоон, тыа сирин олохтоохторун олоҕун таһыма, дохуоттара тупсуо. Оттон эдэр көлүөнэ тыа хаһаайыстыбатын диэки атын хараҕынан көрүө».

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестицияны тардар, экспорты өйүүр агентствотын генеральнай директора Анна Стручкова тыа хаһаайыстыбатыгар олохтоох нэһилиэнньэ дьарыктаах уонна дохуоттаах буолуутугар ханнык-туох сайдыылаах, кэскиллээх хайысхалар баалларын үөрэтэргэ, олоххо киллэрэргэ дьаһалталар, баһылыктар оруоллара улаханын ыйар. Оччотугар тыа сиригэр экономика саҥа тиһигэ үлэлиэҕэ.

Удмуртияттан Сапаевтар кэлэннэр, мүөттээх ыҥырыаны иитиэн баҕалаах дьону үөрэтэн, инникитин да сүбэлииргэ-амалыырга бэлэмнэрин туһунан эттилэр. Онон Саха сиригэр мүөтү оҥорон таһаарыыга бииргэ үлэлээһин олуга уурулунна.

This post was published on 14.07.2022 15:03 15:03