«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» өрөспүүбүлүкэ сокуонун 30 сылыгар сэтинньи 24 — 25 күннэригэр учууталлар иккис съезтэрэ буолар. Мунньахха саха тылын сайыннарыыга үөрэх былаанын саҥардыыга дьүүллэһиэхтэрэ.
СИА-ҕа хотугу норуоттар уонна Арктика дьыалаларыгар Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева тылы сайыннарыыга саҥа дьаһаллар тустарынан эттэ.
«Съезкэ судаарыстыбаннай суолталаах докумуон ылыныаҕа, ол саха тылын туругун тупсарыаҕа. Барыта оскуолаттан саҕаланар. Нэһилиэнньэ төрүт тыл тыыннаах хаалыытын дириҥ суолтатын өйдүүрүгэр биһиги туруулаһыахтаахпыт. Мин көрүүбүнэн, саха тылын учууталларын хамнаһын үрдэтэр туһунан боппуруос көрүллүөхтээх. Тыл сүттэҕинэ — норуот сүтэр», – диэтэ депутат.
Елена Голомарева иһитиннэрбитинэн, сокуон ылыллыбытын 30 сылыгар Национальнай библиотека баазатыгар Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуурунай нэһилиэстибэлэрин цифровизациялааһын киинэ арыллыаҕа.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
This post was published on 22.09.2022 09:01 09:01