Учуутал күнүгэр Саха сирин 500 педагога Дьокуускайга мустан «Открытое образование – пространство возможностей» XIV съезд пленарнай мунньаҕар кыттар. 2030 сылга диэри үөрэх сайдыытын Тосхолун туолуутун быһаарсаллар.
Делегаттар быстала суох үөрэх экосистиэмэтин оҥоруу боппуруостарын дьүүллэһэллэр, суруйар СИА.
Съезд үлэтэ саҕаламмытынан Ил Дархан Айсен Николаев видеонан эҕэрдэлээтэ. Кини үөрэх эйгэтин сүрүн тиэмэлэригэр болҕомто уурда — патриотическай иитии, төрөөбүт дойду историятын үөрэтии, идэҕэ үөрэтии, тыа сиригэр учууталлары олорор дьиэнэн хааччыйыы.
«Биһиги судаарыстыбабытыгар үөрэҕирии эйгэтэ инники күөҥҥэ тутуллар эйгэлэртэн биирдэстэрэ. Өрөспүүбүлүкэбитигэр 10-тан тахса тыһыынча учуутал үлэлиир, биһиги салайыы тутулун муҥутуурдук сайыннарар, экономиканы бөҕөргөтөр эбээһинэстээхпит. Туһата суох структуралартан туттунуохтаахпыт, элбэх администрированиеттан уонна сөбө суох хонтуруолтан босхолонуохтаахпыт. Бу быһаарыллыахтаах боппуруостар. Баар сытыы кыһалҕаларга болҕомто күүскэ ууруллуохтаах, ол эбэтэр улуустарга уонна оройуоттарга педагог тиийбэт буолуутун», — эттэ Айсен Николаев.
This post was published on 05.10.2022 14:31 14:31