Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт үлэһиттэрэ Лено-Оленекскай популяция дьиикэй табаларын тутар уонна «Пульсар» моойторуктарынан бэлиэтиир уочараттаах үлэлэрин ыыттылар. Таба миграциятын кэтээн көрүүгэ бырайыак АЛРОСА-ны кытта сөбүлэҥҥэ олоҕуран ыытыллар.
Саха сиригэр дьиикэй табалар айаннарын кэтээн көрүү АЛРОСА өйөбүлүнэн 2016 сыллаахтан ыытыллар. Туттуллар моойторуктар кыыллар ханан сылдьалларын билиигэ олус туһалаахтар. Учуонайдар бу бырайыак көмөтүнэн 15 тыһыынчаҕа тиийэ кыыл ханан сылдьарын биир кэмҥэ билэн-көрөн олорор кыахтаахтар.
«Бу сылга биэс таба бэлиэтэннэ: үс улахан атыыр уонна икки улахан тыһы. Кыра Хайа үрэҕэ уонна Силигир өрүс икки ардыгар, итиэннэ Өлөөн өрүс уҥа тардыытыгар. Уу кыра буолан ыарахаттар үөскүүү сырыттылар. Наука үлэһиттэригэр АЛРОСА-ны таһынан Өлөөн олохтоохторо уонна дьаһалтата көмөлөстүлэр. Уу тырааныспарынан хааччыйдылар. Моойторуктар АЛРОСА суотугар атыылаһыллыбыттара. Үчүгэйдик үлэлииллэр. Бу 2018 сыллаахха иилиллибит уон устуука моойторукка эбии буолла», — диэн институт дириэктэрэ, биология наукатын кандидата Иннокентий Охлопков кэпсээтэ.
2018 сыллаахха, уон сыл тохтобул кэнниттэн, АЛРОСА көмөтүнэн Лено-Оленекскай популяция үөрэтиитэ саҕаламмыта. Онно биллибитинэн, популяция 2009 сыллааҕы таһымыгар турар, 84 тыһыынча төбө баара билиннэ. Чекановскай сис хайаҕа эмиэ көтүү, чинчийии оҥоһуллубута.
Сөбүлэҥ быһыытынан, бырайыак 2022 сылга диэри үлэлиэхтээх, диэн СИА-ҕа иһитиннэрдилэр.