30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Учуонайдар Саха сирин киин өттүгэр сэлии сыалай уҥуоҕун булар баҕалаахтар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт өрөбүллэргэ Покровскай куорат таһыгар олохтоох дьон сэлии уҥуоҕун кырамтатын булбуттара. Булумньу наукаҕа улахан сыаналааҕын палеонтолог учуонайдар этэллэр.


Хаҥалас улууһун Ой сэлиэнньэтиттэн чугас саҥа уһаайба ылбыт Егор Келин сэлии аһыытын булбут. «Хортуоппуй олордор баҕалаахпын. Сирим саҥа. Оҥоһулла илик буолан, кырыһы тиэрбитим. Ол сылдьан бастакы кирээдэ түмүгэр туох эрэ кытаанахха лаппаахым иҥнибитэ. Бастаан мас силиһэ дии санаабытым. Хаһан көрбүтүм — сэлии аһыыта буолбута, онтон тута аны иккис аһыытын булбутум. Өссө уҥуох баар этэ, кэлин билбитим сарынын уҥуоҕа эбит. Олус былыргы буолан, тыыттах аайы ыһылла сылдьаллара«, — диэн СИА-ҕа булумньулаах кэпсиир.

Сыаналаах булумньу буоларын билэн, тута кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицыҥҥа этэр. Кини палеонтологтары ыҥырар.

«Аһыылары кытта икки сарын  уонна ойоҕос уҥуохтарын буллубут. Салгыы хаһыыны оҥорботубут. Сэрэйэн көрдөххө, сир анныгар бүтүн скелет эбэтэр улахан аҥара сытар буолуохтаах«, — диэн СИА-ҕа Саха сирин наукатын Академиятын сэлиини үөрэтэр салаатын салайааччы Альберт Протопопов кэпсээтэ.

Учуонайдар кыыл көстүбүт сирин биир кэлим тутан дириҥник үөрэтэр баҕалаахтар. Билиҥҥи быһаарыынан бу көстүбүт уҥуохтар сэлии киэннэрэ.

«Билигин төһө уҥуох көмүллэн хаалбытын чуолкайдыахпыт. Булумньу Саха сирин киин өттүгэр көстүбүт буолан ураты сыаналаах. Бу олус сэдэх. Манан кыыллар хайдах усулуобуйаҕа сылдьыбыттарын билиэххэ сөп. Билигин чинчийии кэнниттэн тугу эрэ этэр кыахтаахпыт. Бу трогонтериевай сэлии буолуон сөп. Аһыыта улахан, уһуна 266 сантиметр. Ол гынан баран шерстистай сэлии буолуон эмиэ сөп. Тииһин эбэтэр скелетин буллахпытына барыта биллиэҕэ«, — диэтэ Протопопов.

Прокопий Ноговицын эппитинэн, урут даҕаны Хаҥалас улууһугар уҥуохтары уу чугаһынан булаллара. «Биһиги оскуола оҕолорун кытта 20 сыл устата ыытан кэлбит экспедицияларбыт кэмигэр уҥуохтары өрүс кытылынан булаттааччыбыт. Егор Келин уҥуоҕу буорга булла, ол наукаҕа суолталаах, ити кыыл өлбүт сиринэн буолуон сөп«, — диэн бэлиэтээтэ СИА-ны кытта кэпсэтээччи.

Геология, алмаас уонна күндү таастар институттарын кылаабынай научнай сотруднига Геннадий Боескоров хаһыы сиригэр сылдьан баран булумньу шерстистай сэлии киэнэ буоларын эттэ. «Уҥуохтарынан көрдөххө, улахан атыыр сэлии. Дугалыы быһыылаах. Онтон трогонтериевай эбэтэр истиэп сэлиитин аһыылара өссө улахан, кэтит уонна арыый да кыра кэдэгэрдээх буолар. Икки сарын уҥуоҕун эмиэ буллубут. Булумньубут ыһылла сылдьар. Ити уҥуохтар манна хара маҥнайгыттан сыппатахтарын, атын сиртэн хамсаан кэлбиттэрин бэлиэтиир. Холобур ууну кытта кэлбит буолуохтарын сөп. Баҕар бу сыалай скелет буолбакка, ыһыллыбыт уҥуохтар буолуохтарын сөп. Сүбэлэһэн баран билигин улахан хаһыыны оҥорбоппут диэн быһаардыбыт. Сайын ортотуттан, эбэтэр атырдьах ыйыттан үлэҕэ ылсыахпытын сөп. Оччотугар матырыйаалы син чөллөй тутан хаалларыахпытын сөп. 60 см курдук дириҥҥэ ирбэт тоҥ саҕаланар. Анализка пробалары ыллыбыт. Бу сэлии хас тыһыынча сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбытын уонна састаабын быһаарыыга туттуллуо. Бу суолталаах«, — диэтэ учуонай.

Научнай үлэҕэ өссө уҥуох чааһынай киһи сиригэр булуллубута мэһэйдиир. Учуонайдар хаһыыны саҕалаатахтарына, олохтоох дьаһалта учаастагы чөлүгэр түһэрии уонна компенсациялааһын боппуруостарын быһаарыахтаах. Билигин палеонтологтар быыстала суох бу сири үөрэтэр сыаллаах сылдьар былааннаахтар.

Даача сирин хаһаайына Егор Келин учуонайдар үлэлэригэр мэһэйдэһэр санаата суоҕун этэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА