Саха сирин учуонайдара Иркутскайдааҕы коллегаларын кытта Өймөкөөн Лабыҥкыр күөлүгэр экспедицияттан кэллилэр. Кинилэр аатырар-сураҕырар «абааһыны” булбатылар, ол оннугар күөл атыттартан уратылааҕын быһаардылар.
Хотугу полушарие саамай тымныы сиригэр Лабыҥкыр күөл баар. Киһи айаннаан тиийэрэ уустугунан соторутааҕыта эрэ күөл биологическай, химическэй уонна физическэй параметрдарын чинчийиилэри учуонайдар ыыттылар. Күөл уутун дьэҥкирэ, химическэй састааба, уопсайынан экологическай усулуобуйата куруук болҕомто үөһүгэр турар.
«Уу салахайын, бактерияларын, химическэй састаабын чинчийэргэ экспедиция сыала-соруга туһуланна. Күөл састааба Байкалтан туох уратылааҕын ырытыахпыт» — диэн СИА-ҕа биологическай проблемалар институттарын ыстаарсай научнай үлэһитэ Любовь Копырина эттэ.
Иркутскайтан учуонай Юлия Захарова, уу аннын чинчийэр инженер Валерий Черных, аспирант Мария Башенхаева Лабыҥкыр күөлү чинчийэ кэлэ сырыттылар.
Бөлөх Байкалы чинчийбитэ алта сыл буолбут. Экспедиция кыттыылаахтара Нуучча географическай уопсастыбатын Өймөкөөннөөҕү отделын салайааччытыгар Александр Долженковка эргиччи көмөтүн, өйөбүлүн иһин дириҥ махталын тиэрдэр.
Олохтоохтор Лабыҥкырга хараҥа дьүһүннээх биллибэт адьырҕа кыыл –абааһы баарын итэҕэйэллэр. Үһүйээҥҥэ этиллэринэн, бу сиэмэх кыыл дьону, кыылы сиир уонна күөл таһыгар тахсар, сылдьар кыахтаах.
Геолог В. И. Твердохлебов 1953 сыллаахха биллибэт кыыл-абааһы баарын туһунан суруйуутун кэнниттэн учуонайдар маны олус сэргээбиттэрэ. Криптозоологтар муҥутуур улахан сордоҥ, реликтовай рептилия эбэтэр амфибия буолуон сөбүн сабаҕалыыллар.