30 Алтынньы 30.10
  • -15°
  • $ 97,33
  • 105,44

Учуонай Василий Дарбасов 2012 сыллаахха Михаил Ефимович Николаев туһунан кинигэ суруйбута

14:28, 08 ноября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Василий Романович Дарбасов Саха сиринээҕи региональнай экономика институтун дириэктэрин солбуйааччынан үлэлээбитэ. СӨ билимин үтүөлээх деятелэ, П.А.Капица аатынан РАЕН “Наукаҕа арыйыы ааптара” бэлиэ уонна “Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин” уордьан 2-с истиэпэннээх мэтээлин хаһаайына.

Василий Дарбасов 2012 сыллаахха «Быйаҥнаах хочолорго» диэн кинигэ таһаарбыта. Кинигэҕэ бастакы президент М.Е. Николаев тыа хаһаайыстыбатыгар, билим уонна салайыы эйгэлэригэр ыыппыт киэҥ далааһыннаах уонна кэскиллээх үлэлэрэ арыллаллар.

“Киһи сааһырдаҕына ааспыты элбэхтэ эргитэ саныыр буолар. Оҕо сааһыҥ, оскуолатааҕы сылларыҥ, эдэр күөгэйэр күҥҥэр сылдьан үлэлээбит кэмиҥ сырдык сылаас түгэннэрэ умнуллубат.Чаҕылхай ураты дьону кытта быстах да кэмҥэ алтыһан ааспытыҥ үтүө өйдөбүлү хаалларар үгэстээх. Итинтэн сиэттэрэн бастакы бэрэсэдьиэммит Михаил Ефимович Николаев үлэтин ханнык эмэ өттүн сырдаппыт киһи диэн кинигэ суруйарга ылсыбытым.

Кырдьыгынан эттэххэ, бөдөҥ салайааччы, биллэр бэлиитик туһунан суруйар уустук: кинини дьон-сэргэ эйигиннээҕэр бэркэ билэр.Үлэтин эйгэтэ улахан таһымнаах тэрээһиннэри, мунньахтары, дьыалабыай кэпсэтиилэри кытта сибээстээх. Дьэ, ону табан эрэдьиэстиир дэбигис кыайтара охсубат. Онон төһө кыайарбынан кинини тыа сиригэр сибээстээн, онно сыһыаннаах түгэннэри, көрсүһүүлэри, түмэн киллэрэ сатаатым. Сорох өттүн Өктөм сылгыһыттарыттан, Сунтаар хонтуоратын үлэһиттэриттэн, Аллараа, Орто Халыма балыксыттарыттан, Эдьигээн олохтоохторуттан истибиппин туһанным.

М.Е.Николаев курдук өрөспүүбүлүкэ туһугар бэриниилээхтик үлэлээбит салайааччыны сорохтор түһэрэ сатаан, эккирэтиһэн, хараардар ыстатыйалары кытары таһаартара сылдьыбыттаахтар. Ол туһунан бу кинигэҕэ таарыйбатым. Норуот ону бэйэтэ бэркэ диэн билэр уонна сөпкө өйдүүр буолуохтаах. Баҕар ким эрэ кэлин суруйуо.

Михаил Ефимович Николаев Федерация Сэбиэтигэр, Судаарыстыбыннай дуумаҕа ыытар үлэтин-хамнаһын үгүстэр билбэппит. Ону анаан-минээн чинчийэн, үлэ суруйуохха сөп этэ дии саныыбын. Ону олох-дьаһах хаамыыта бэйэтэ көрдөрүөҕэ. Үгүс матырыйаал, стенограмма, архыып матырыйаала элбэх буолуохтаах. Уопсайынан устуоруйаҕа чугас айымньы тахсыан сөп этэ”,  — диэн Василий Дарбасов М.Е.Николаев 75 сааһын көрсө кинигэ таһаарбытын туһунан Т.Захарова-Лоһуураҕа интервью биэрэн турардаах.

Хомойуох иһин улуу учуонай билигин биһиги кэккэбитигэр суох, ол эрээри, кини ол саҕанааҕы санаата билигин даҕаны суолтатын сүтэрбэт. Кини 2021 сыл тохсунньутугар күн сириттэн күрэммитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА