Өссө 2016 сыллаахха Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, билигин Госдуума депутата Галина Данчикова оччолорго бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олордоҕуна, “Уһун ынах” диэн бырагыраама кинилэргэ ситиһиилээхтик үлэлиирин кэпсээбитэ. Бырайыак өрөспүүбүлүкэ салайааччытын интэриэһиргэппитэ. Ити дьыл регионнааҕы тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустарга бу хайысханы сайыннарыыга үбүлээһин оҥорбута.
Хаҥалас улууһун 1 Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтата эмиэ “Уһун ынах” бырагыраамаҕа хабыллыбыта. Үлэни саҕалыылларыгар министиэристибэттэн 1 мөл солк көрүллэр. 2022 сылга бырайыак үһүс эргиирэ барыахтаах.
Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Айталина Алексеева иһитиннэрбитинэн, дьаһалы олохтоохтор биһирээтилэр. Балаһыанньа быһыытынан эдэрдэргэ, элбэх оҕолоохторго, дохуоттара кыра ыалларга туһаайыллар.
— 2016 сыллаахха Хаҥалас улууһун 1 Малдьаҕар нэһилиэгэ “Уһун ынах” бырагырааманан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн 1 мөл солк ылар. Ол харчынан “Кэскил” ТХПК-тан 16 төбө үс саастаах уулаах тыһаҕаһы атыылаһар. Дьаһалта бас билиитигэр киирэр. Ити дьыл түөрт ыал сайаапкатын бигэргэтэн, сүөһүлэри түҥэтэллэр.
Балаһыанньа быһыытынан бырагыраамаҕа киирсибит дьон үс сылынан эмиэ уулаах тыһаҕастары төннөрөр. Өскөтүн оҕус төрөөбүт буоллаҕына, ону хайаан да тыһыга атастаһан туттарыахтаах. Эбэтэр сүөһү ол-бу буолан хаалар түгэнигэр, хайаан да бэтэринэрээр аактата баар буолуохтаах. Бу туһунан барыта дуогабарга суруллар, — диэтэ кини.
Онон 1-кы малдьаҕардар 2016 сыллаахха түҥэтиллибит тыһаҕастартан төрөөбүт ньирэйдэрин улаатыннаран, 2019 сылга дьаһалтаҕа төннөрөллөр. Бастакы эргииргэ 14 төбө эргиллэн кэлэр. Бэтэринээр бигэргэтиитинэн, биирэ төрөөт, иккиһэ аска сүһүрэн өлбүттэр.
Ити төннүбүт уулаах тыһаҕастартан салгыы түөрдүн Булгунньахтаах эдэр ыалларыгар уонна уон төбөнү Тойон Арыыга эдэр киһиэхэ, инникитин улахан хаһаайыстыба тэринэр баҕалаах Александр Корякиҥҥа туттараллар. Иккис эргиир төрүөхтэрэ 2022 сылга төннөр.
Эдэр фермер бэйэтэ этэринэн, бырагыраама саҥа хаһаайыстыбаны тэриниэн баҕалаахха олус туһалаах. “Холобур, мин тыа сиригэр олоробун, көһөр санаам суох. Хотон үлэтиттэн толлубаппын, сүөһүнү иитэрбин сөбүлүүбүн, онтон дохуот киллэринэбин. Дойдубар Тойон Арыыбар көҥүллүк, бэйэм сөбүлүүр дьарыкпынан сайдыахпын баҕарабын. Бу бырагыраама суоҕа буоллар, ынахтарбын атыылаһарбар тиийэбин. Биир ынах 80 тыһ солк. Бу дьонуттан туспа баран ферма тэринэр эдэр киһиэхэ улахан суума. Онон биһиги дьаһалтабыт сөптөөх бырагырааманы тутан олорор. Уон уулаах тыһаҕаһы ылбытым, онтуларым бастакы ньирэйдэрин төнүннэрэбин, атына бэйэбэр хаалар. Үчүгэй өйөбүл дии саныыбын”, — диир уол.
Исписэлиис эппитинэн, сүөһүнү түҥэтии нэһилиэнньэттэн сайабылыанньа киириитигэр олоҕуран оҥоһуллар. Дьаһалга олохтоох депутаттар эмиэ кытталлар. Ол курдук анал хамыыһыйа тэриллэн, сайабылыанньалаах дьон хотонун, сүөһүнү тутар усулуобуйатын, отун чинчийэн үөрэтэр. Ол кэннэ биирдэ кимиэхэ биэрэри быһаарар. Оччоҕуна эрэ бырагыраама тохтоон хаалбакка үлэлиир, сыалын ситэр кыахтаах.
Айталина Алексеева “бырагыраама баара үчүгэйин, ыччаты тыа сиригэр олохсутууга, үгэскэ кубулуйбут дьарыкка эдэрдэри сыһыарыыга, тыа сиригэр агробизнеһи тэрийиигэ туһалаах дии саныырын” кэпсээтэ.
Билигин “Уһун ынах” бырагырааманан үбүлээһин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн көрүллүбэт. Онон олохтоох дьаһалталар оччолорго бырайыагы төһө сөпкө өйдөөбүттэриттэн улахан тутулуктаах. Хаҥалас улууһун бу хайысхаҕа чахчы атаҕар чиҥник турбутунан бэлиэтиэххэ наада. Бырагыраама атын нэһилиэктэригэр эмиэ ситиһиилээхтик үлэлиир.
Хаартыскаҕа Александр Корякин.
Диана Корякина түһэриитэ.
This post was published on 22.10.2021 13:01 13:01