«Уһун суһуох - 2016»: быйылгы куонкурус социальнай хайысхалаах

«Уһун суһуох — 2016» кэрэчээн кыргыттар күөн күрэстэрэ быйыл бэһис сылын ыытыллар. Бэс ыйын 3 күнүгэр Оҕо Дыбарыаһыгар күнүс 16 чаастан бу куонкурус түмүктүүр Дьоро киэһэтэ ыытыллыаҕа.


Бэрт үгүс оҕо кыттыбытыттан 12 сааһыгар диэри 20 уһун суһуохтаах кэрэчээн кыргыттары финалга кыттарга «Чуораанчык» уонна «Колокольчик» сурунааллар редакциялара анаан талан ыллылар. Оҕолор куонкуруска кыттаары баттаҕы өрүүгэ, актердар маастарыстыбаларыгар үөрэннилэр, фотосессияны аастылар.

«Кэскил» оҕо издательствотын салайааччыта, СӨ Дьахталларын сойууһун салайааччыта Анжелика Андреева: “Быйылгы кэрэчээн кыргыттар күөн күрэстэрэ социальнай хайысхалаах буолуоҕа. Бу тэрээһиҥҥэ коррекционнай оскуолалар уонна оҕо дьиэлэрин оҕолоро анаан кыттыыны ылыахтара. Кулгаахтарынан истибэт оҕолорго тылбаасчыт үлэлиэҕэ. Онон “Биһиги Саха сирин оҕолорун иннигэр толору эппиэти сүгэбит!” диэн оҕолор төлөпүөннэригэр түргэн мобильнай сыһыарыыны киллэриигэ акцияҕа кыттан, үбүнэн кыттыһар дьон, оҕо төрөөбүт дойдутун билэригэр өйө-санаата, толкуйа сайдарыгар төһүү өйөбүлү оҥоруохтара диэн эрэнэбит”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Кыайыылаах кыттааччы «Драгоценности Якутии» ювелирнай хампаанньа үрүҥ көмүс баттах киэргэлинэн наҕараадаланыаҕа, «Чуораанчык» уонна «Колокольчик» сурунаал сирэйинэн буолуоҕа. Оттон бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр «Сосновый борга» путевка ылыахтара, оттон СӨ Ыччат министиэристибэтэ планшет бэлэхтиэҕэ.

This post was published on 01.06.2016 18:20 18:20