Уһук Илиннээҕи ипотеканы биэрэр баан ахсаана элбээтэ

2%-наах «Уһук Илиннээҕи ипотека» бырагыраамаҕа кыттар кирэдьииттиир тэрилтэ ахсаана эбиллэр. 14 баан буолла. 


2%-наах ипотеканы билигин биэрэллэр: Сбербаан, ВТБ, Азиатско-Тихоокеанскай баан, ДОМ.РФ, Дальневосточный баан.

Олунньу бүтүөр диэри бырагыраамаҕа өссө киириэхтэрэ: «ФК Открытие» баан, КБ «Восточный», «Долинск» баан, Газпромбаан, Росбаан, Россельхозбаан, Промсвязьбаан, Совкомбаан уонна Алмазэргиэнбаан.

«Элбэх баан бырагыраамаҕа кыттара сайыамсык таларыгар кыаҕы үөскэтэр. Хас биирдии региоҥҥа кырата үс баан бу бырагырааманан үлэлиэҕэ. Бөдөҥ, биллэр бааннар бааллар», — диэтэ Уһук Илиҥҥэ киһи хапытаалын сайыннарыыга Агентство генеральнай дириэктэрэ Сергей Ховрат.

Бааннар испииһэктэрэ «ДОМ.РФ» АУо саайтыгар бэчээттэннэ.

Бу төлөпүөнүнэн 8 (800) 301-54-45 билсиэххитин сөп. Босхо.

This post was published on 10.01.2020 10:01 10:01