Уһук Илин уокурук олохтоохторо Крымҥа кыбартыыра ипотеканан ылыахтарын сөп

Хаартыска: ЯСИА саайта

Уһук Илин федеральнайдааҕы уокурук олохтоохторо ипотеканан Крымҥа кыбартыыра ылыахтарын сөп. Кирэдьиити ылыыны, кыбартыыраны талыыны, докумуону оҥостууну толору «дистанционно» оҥоруохха сөп.

«Сотору кэминэн дьиэ ылыытыгар өссө биэс регион эбиллэр. Олортон биирдэрэ — Крым», — диэтэ ВТБ президенин солбуйааччыта — бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Георгий Горшков.

Маны сэргэ дьон сир учаастагын ылыан эмиэ сөп.

This post was published on 25.04.2024 13:01 13:01