Үөрэх дьыла түмүктэнэн эрэр буолан, киин куораттарга үөрэнэр устудьуоннардаах дьон-сэргэ оҕолоругар авиабилиэт атыылаһаары ыксыыр. Билигин бэс ыйын 20 күнүгэр диэри билиэттэр сыаналара муҥутуур үрдүк буолан турар. СИА ааҕааччыта быйыл сайыҥҥы ыйдарга чэпчэтиилээх билиэттэр баар буолаллар дуо диэн интэриэһиргиир. Саха сирин тырааныспарга министиэристибэтэ Дьокуускай—Москва уонна төттөрү хайысханан субсидияны көрөллөрө, көрбөттөрө бэс ыйын 15 күнүгэр диэри биллиэҕэ диэн иһитиннэрдэ.
Дьокуускай—Москва—Дьокуускай хайысханан, бу сыл тохсунньутуттан ыам ыйыгар диэри Уһук Илин уокурук олохтоохторун чэпчэтиилээх билиэттэринэн «Аэрофлот» авиахампаанньа хааччыйбыта диэн биэдэмистибэ санатар. Ыам ыйын 15 күнүттэн Дьокуускай аэропордун көтөр-түһэр балаһа өрөмүөҥҥэ сабыллан, реконструкция түмүктэниэр диэри, «Аэрофлот» авиахампаанньа Дьокуускай-Москва хайысханан көтүүтүн алтынньы 30 күнүгэр диэри тохтотто.
Бу кэмҥэ Дьокуускай—Москва—Дьокуускай хайысханан «Якутия» авиахампаанньа (Нижневартовск куоракка тохтоон бензин куттар), Сибиир авиахампаанньа (Иркутскайга/Новосибирскайга тохтоон ааһар) сылдьыахтара. Маннык эргиирдээх көтүүгэ сайыҥҥы ыйдарга субсидиялаах билиэттэр билигин атыыламматтар.
Росавиация субсидиялаах көтөр авиахапаанньаны талаары, 2022 сыл муус устар 25 күнүгэр бырабыыталыстыба 02.03.2023 215 №- дээх уурааҕар олоҕуран, эбии куонкурус биллэрбитэ.
«Якутия» авиахампаанньа Уһук Илин уокурук олохтоохторун уонна льготалаах дьону чэпчэтиилээх сыананан Дьокуускай—Москва — Дьокуускай хайысханан таһарга бэлэмин туһунан сайаапканы түһэрдэ. Куонкурус түмүгэ быйыл бэс ыйын 15 күнүгэр диэри биллиэҕэ. Алтынньы 1 күнүгэр балаһа өрөмүөнэ түмүктэниэхтээх. Билигин 2023 сыл алтынньы 30 күнүттэр ахсынньы 31 күнүгэр диэри чэпчэтиилээх билиэти ылыахха сөп.
Госдума депутата Сардана Авксентьева бэҕэһээ пленарнай мунньахха Росавиацияҕа туһаайан, регион социальнай суолтатын хайдах быһааралларын туһунан ыйытта, уонна «Якутия» авиахампаанньа дьону субсидиялаах билиэтинэн таһарга бэлэмин бэлиэтээтэ.
This post was published on 24.05.2023 15:03 15:03