Бу күннэргэ региоҥҥа «Уһук Илин демография сайдыыта» Россиятааҕы конференция бэс ыйын 23-24 күннэригэр ыытыллыа.
Исписэлиистэр демографическай бэлиитикэ сайдыытын көҕүлээһин, оҕолоох дьиэ кэргэн олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы туһунан дьүүллэһиэхтэрэ, «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн социальнай көмүскэл уопутун анаалыстыахтара.
Манна Россия куораттарыттан 200-тэн тахса исписэлиис кыттыа: федеральнай уонна регион бырабыыталыстыбатын баһылыктара, уопсастыбаннай уонна научнай деятеллэр, итиэннэ экспертэр.
Тэрийээччилэр: Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ, Сайдыы Корпорацията уонна СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ, суруйар НВК Саха.
Конференция иккис түһүмэҕэ Владивосток куоракка от ыйын 14 күнүгэр ыытыллара былааннанар.
@nvk_sakha
This post was published on 21.06.2022 16:33 16:33