Бүгүҥҥүттэн, о.э. балаҕан ыйын 30 күнүттэн «Уһук Илин ипотекатынан» тыа сиригэр эрэ буолбакка, урут тутуллубут (иккис ырыынак) дьиэлэргэ эмиэ кыбартыыра ылыахха сөп буолла. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.
Бырагыраама саҥа усулуобуйалара Уһук Илин сорох регионнарыгар тарҕанар. Ол курдук Чукоткаҕа, Магадааҥҥа көһүөн баҕалаах эдэр дьон иккис ырыынак дьиэлэригэр кыбартыыра ылар кыахтаннылар. Урут маннык дьиэлэри тыа эрэ сиригэр ылыахха сөбө. Маннык усулуобуйа докумуоҥҥа сурулларынан 2021 сыл бүтүөр диэри кирэдьиит ылбыт дьоҥҥо үлэлиир.
«Уһук Илин ипотекатынан» эрэгийиэҥҥэ көһөн кэлбит атын субъект дьоно туһанар кыахтаннылар. Бу Уһук Илиҥҥэ идэлээх дьону тардар сыалтан оҥоһуллубут.
Кирэдьиити биэрии усулуобуйалара эмиэ уларыйдылар. Дьиэ туттууга атын эрэгийиэҥҥэ баар хамсаабат баай-дуол солуок быһыытынан туттуллуон сөп буолла. Кирэдьиити сабыы болдьоҕо 240 ыйтан 242-гэ диэри уһаан биэрдэ.
Бырагыраама саҥа усулуобуйалара эрэгийиэҥҥэ икки тыһыынча кэриҥэ эдэр ыалы олохтуо диэн докумуоҥҥа суруллубут.
«Икки бырыһыаннаах Уһук Илин ипотеката» Арассыыйа президенэ В.Путин сорудаҕынан «Демография» национальный бырайыак иһинэн олоххо киирбитэ.
This post was published on 30.09.2020 16:02 16:02